- Учителю
- Сценарий сказки на якутском языке
Сценарий сказки на якутском языке
Одьулуун орто оскуолата
Ат хайдах до5оттордоммутай?
(осуторуйа сценарийа)
Кардашевская Надежда Анемподистовна
Одьулуун орто оскуолатын
алын суьуех учуутала
Оруолларга:
Ат- Карпов Рустам
Ба5а- Макарова Айгылаана
Колдунья- Кардашевская Арина
Эһэ- Сидоров Марат
Еж- Брызгаев Денис
Куобахтар- Собакина Сахалина, Дьячковский Артур
Бөрөлөр- Малышев Афоня, Шестаков Петя
Лыах- Собакина Олеся
Автор- Барашкова Ньургуйаана
Олорбута эбитэ үһү кыра күөл таһыгар сиэрэй ат. Кини наар санаар5ыы сылдьар эбит. Ол санаар5ыыр биричиинэлэрэ манныктар эбит: бастатан туран дьүһүнүттэн, кини сиэрэй эрээри улахан манан бээтинэлэрдээх эбит, иккиһинэн кини биир да до5оро суох эбит. Күөлүн иһинэн- таһынан баар үөн-көйүүр наар бэйэлэрин дьыалаларынан дьарыгыраллар эбит уонна аты улахана бэрт диэн куттаналлар .
Арай биирдэ ат күөлүн таһыгар олордо5уна ба5а сахсыр5алыы ааһан иһэр эбит. Ба5а ат санаар5ыы олорорун көрөн тохтуу түһэр.
Ба5а: То5о наһаа санаар5аатын?
Ат: Мин дьүһүнүм куһа5ан буолан биирдэ до5орум суох, куруук со5ото5ун сылдьабын.
Ба5а: Тыый бу да ат эттэ5ин бу дьүһүнун эн атыттартан уратын буолуо дии.
Ат: Оччо5о то5о ким да миигин кытта до5ордоһуон ба5арбатый, бары куота сылдьаллар дии.(ат төбөтүн умса туттан олорор)
Ба5а: Чэ, чэ наһаа санаар5аама мин мантан син ыраах биир аптаах киһини билэбин, онно бара сылдьыах ба5ар көмөлөһүө.
Ат: Эн миигин сирдээн онно барса5ын дуо?( ат үөрэр улахан ба5айытык ыйытар)
Ба5а: Айкыа киһини дьүлэй онороору гынна, барсыам буолла5а дии. Бэйи эрэ манна карталаах этим( ба5а суумкатыттан карта хостуур).
Дьэ ба5алаах ат карталарынан сирдэтэн айанна туруналлар. ( Ба5а сотору - сотору биноклун көрөр). Айанаан сылайан- элэйэн тиийэн кэлэллэр.Арай көрдөхтөрүнэ колдуньялара тугу эрэ буһара турар үһү.Куттаналлар.( Биэдэрэ5э тугу эрэ буһарар, булкуйар)
Ба5а: Үтүө күнүнэн аптаах колдунья.
Колдунья: ( буккуйа турар эргийэн да көрбөт) Туох үтүөтэ баарый? Тугу гына сылдьа5ыт? ( дьэ эргийэн ыалдьыттарын диэки көрөр).
Ба5а: Ээ ити буолла5ына биһиги…( атыгар имнэнэ сатыыр да ата атын сири көрөн турар) ити…. оттон ( эмискэ эргийэ түһэр уонна аты ыйар) бу ат эйиигиттэн көрдөһө кэллэ.
Колдунья: көрдөһө кэлбит буоллаххына эт ээ оттон( акка туһаайан кытаанахтык этэр).
Ат: Ити буолла5ына , мин дьүһүммүн уларыттарыахпын ба5арабын ( сэрэнэн кыратык санарар).
Колдунья: ол то5о уларыттын, бэйэн да учугэйгин дии, туочука бө5өө( аты тула хаамар).
Ат: Ээ суох, мин дьүһүнүм куһа5ан буолан биир да до5орум суох ( ат төбөтүн умса туттар).
Колдунья: Дьэ маннык түбэлтэ5э көмөлөһөр кыа5ым суох. Ити до5ордоох, до5оро суох диэн хас биирдии бэйэбититтэн тутулуктаах. Барын мэһэйдээмэн, бэйэм да солом суох.
Ат, ба5алыын тэннэһиэхтэрэ да, төттөрү төннөллөр. Баран иһэн ба5а утуйан хаалан атын суолунан халыйаннар хааланнар атын сиргэ тиийэллэр.Тохтуу биэрэллэр иннилэригэр олох атын тыа. ( ат ба5атын ыныра сатыыр, ба5а соһуйан уһуктар).
Ба5а: Хайа бу ханна кэллибит?
Ат : эн утуйа сыппытын дии , онон мунан хааллыбыт быһыылаах. Хата бу тыаны киирэн көрүөх ээ.
Ба5а: Ээ суох до5ор, мин мантан төннүөм бэйэм дьиэбэр. Быраһаай. Бэйи эрэ картабынан сирдэтэн булар инибин.
Ити курдук ба5алаах ат арахсаллар. Ба5а бэйэтин күөлүн көрдүү барар, ат буолла5ына билбэт тыатын иһигэр киирэр. Ат баран иһэр, баран иһэр. Арай ол истэ5инэ иннигэр биир эһэ тугу эрэ гына сылдьар эбит. Ат үөрэ түһэр онно сүүрэр.
Ат: Дорообо, эн кимниний?
Эһэ: Эс доо эн бэйэн кимниний?
Ат: мин аппын до5ор көрдөнө сылдьабын.
Эһэ: оттон мин бу тыа саамай күүстээ5э буолабын. Миигин бу тыа5а бары билэллэр.
Ат: Эн биһиги до5ордуу буолабыт дуо?
( Эһэ толкуйдуур)
Эһэ: Чэ буоллун да5аны, до5ордоһуох.
Ат үөрэр, сана до5ордуулар иккиэн салгыы тыа устун баран истэхтэринэ иннилэригэр ежик тэллэй көрдүү сылдьар. Тохтуу түһэллэр.
Ат: Дорообо, бу эн тугу гына сылдьа5ыный?
Еж: Мин күһүннү хаһааспын оносто сылдьабын, онтон эһиги кимнээхтэргитий?
( аттаах эһэ бэйэ бэйэлэрин диэки көрсөллөр)
Иккиэн: Биһиги дуо, биһиги до5ордууларбыт.Эн биһигини кытта до5ордоһуоххун ба5ара5ын дуо?
Еж: До5ордоһуохайын, ким до5ордоох ол дьоллоох.
Ити курдук үһүөн салгыы айанныылаар, ол айаннаан истэхтэринэ, иннилэринэн туох эрэ сүүрэн ааһар. Тохтуу түһэллэр, соһуйаллар.
( Эмиэ кэлэн ааһаллар. Үһүс сырыыларыгар кэлэн тохтуу түһэллэр).
Куобахтар: Уооой, эһиги кимнээхтэргитий?
Эһэ: Биһиги до5ордууларбыт, онтон эһиги ?
Куобахтар: биһиги куобахтарбыт, ханна баран иһэ5итий?
Ат : Биьиги до5ор көрдөнө сылдьабыт, биһигини кытта до5ордоһо5ут дуо?
Куобахтар бэйэ- бэйэлэрин көрсөллөр уонна этэллэр: сөп- сөп до5ордоһон бө5ө. Биһиги мантан иннэ кимтэн да кутаммаппыт.
Салгыы айанныыллар, дэлби сылайан ыраас ырааһыйа кэлбитигэр сынньанаары тохтууллар, арай иннилэригэр көрүөхтэн дьикти кыраһыабай кыыл олорор эбит.
Ат: Хайаа бу туох кыраһыабай кыыла олороруй?
Еж: Чахчы- чахчы эриэккэс дьүһүннээх.
Эһэ: Оннук.
Куобахтар: Уоой оннук дии, туох кыраһыабай кыылай?
(Ол тухары лыах кыһаммат кинилэр диэки эргийэн да көрбөт, сиэркилэтигэр көрүнэ- көрүнэ олорор). Дьэ эриэккэс кыыллара кинилэр диэки эргийэн көрөр.
Бары: Эн биһигини кытта до5ордоһуоххун ба5ара5ын дуо?
Лыах: Көрбөккүт даа олох солом суох дии, ба5ар кэнники сололоннохпуна до5ордоһуохха да сөп.
Ат: Чэ барыа5ын, иллэнсийдэххинэ биһигини ситээр.( лыахха туьаайан этэр).
До5ордуулар бары бииргэ салгыы айанныыллар. Бу айаннаан иһэн арай иннилэригэр бөрөлөр унуох былдьаһа сылдьалларыгар түбэһэллэр.
Ат: Эһиэхэ до5ор наада дуо?
Бөрөлөр : ол то5о? ( унуохтарын көхсүлэригэр кистииллэр).
Еж: Онтон ким элбэх до5ордоох ол дьоллоох ээ.
Бөрөлөр: Ээ ( кэтэхтэрин тарбаналлар), бэйи эрэ биһиги баран сүбэлэһиэхпит.
(Тохтуу түһэн баран)
Берелер: Сөбүлэһэбит.
Ат: Дьэ көрүн эрэ бу үчүгэйин элбэх до5ордоох диэн, мантан ыла аны бары бииргэ сылдьыа5ын, бэйэ-бэйэбитин көмүскэһэ, көмөлүсүһэ сылдьыа5ын!
Ат: көрөөччүлэргэ туһаайан: О5олоор эһиги эмиэ элбэх до5ордоох буолун!
( Бары бииргэ туран үнкүүлүүллэр.)
Истибиккит, көрбүккүт иһин махтал.