7


  • Учителю
  • Сценарий литературной композиции на тему 'Алампа со5отох таптала'. 11 класс.

Сценарий литературной композиции на тему 'Алампа со5отох таптала'. 11 класс.

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Кини билбитэ таптыыр сурэх тэбиитин…

(Алампа тапталын лириката - литературнай композиция)


  1. Алампа… Саха сурэ5ин иэппит-туоппут, дууhатын аймаабыт уустук дьыл5алаах, ыарахан олохтоох, саха норуотун духуобунай оло5ор сыаната биллибэт урдук енелеех Киhи, улуукан Белуhуек суруйааччы.

2.Анемподист Иванович саныыр санаатын, оло5у керуутун ордук толорутук поэзиятыгар кердербутэ, саха киhитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьуhуннээн эппитэ.

3.Сурэ5и ууллара уйадытар, дууhаны ытатар-ыллатар истин-иhирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбитэ. Кини аан маннайгынан саха поэзиятыгар дьахтары урдук кэрдиискэ таhаарбыт, танара оностон унпут-суктубут поэт буоларынан биллэр.

4.Кини тапталын поэзиятын музатынан 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ Евдокия Яковлева - Гоголева буолар. Уулларбыт хор5олдьун курдук \ 5.Унаарыччы кербут \ Уу долгун харахтаах, \ Ураты учугэй уhун дьураа муруннаах, \ Хамныыр эрэ хай5ыы керер \ Хара дьураа хаастаах, \ Сайынны кун тахсар саhар5атын курдук \ Арыы саhыл хааннаах, \ Уус киhи одуулаан керен \ Онорбутугар холобурдаах \ Ойуу курдук уостаах, \ Уута hуох кемус курдук \ Уйула hуох тиистээх, \ Хара солкону хайыталаан баран \ Ханыылыы уурбут курдук \ Хара ньал5ахай астаах… \ Хаарыан до5орбун хайыhан кереет, \ Хара быарым хамныар дылы \ Хай5ыы hанаатым… - диэн ойуулуур Алампа таптыыр дьахтарын.

5. Кырдьык да, кини Дуунньата толуу керуннээх, кене унуохтаах, уhун суhуохтаах, сырдык хааннаах, киhи эрэ хара5а тохтуур дьахтара эбит. Дьаhала, иистэнньэнэ, асчыта бэрдэ уhу. Тас керунунэн, тутта-хапта сылдьарынан, ырыатынан, сайдам санатынан куорат мааны ыалын оло5ор уhуйуллубута биллэр.

6. Ньургуhуннаа5ар ньуола5ай ньуурдаах, \ Ньаала5айдаа5ар намчы лабаалаах, \ Сибэккитээ5эр тэтэркэй имнээх \ Куех уу долгунун курдук \ Куегэлдьигэс бэйэлээх кемус до5орум

6. Хардыылаабакка халбарыйан, \ Атыллаабакка арахсан, \ Уна туннугум аннынан уу курдук устан \ Унаарыйан ааспыккын \ Одуулаан турбутум, олус уйадыйбытым.

7.Онуоха , эн, \ Санаабын таайбыт курдук, \ Саната суох салаллан саннын урдунэн \ Салан сайа5астык садаарыччы кербуккун \ Сааhым тохору саныы сылдьыам, \ Елуерум тухары ейдуу сылдьыам…

7.Кэрэ дьуhуннээх, учугэйдик ыллыыр, сайа5ас сайдам кыыhы таба кереннер, испэктээх оонньууга кытыннарар буолбуттара. Евдокия итиннэ сылдьан Алампалыын билсибитэ. Туерт сыл до5ордоhон баран, 1913 сыллаахха холбоспуттара.

8.1925 сыллаахха Анемподист Иванович Москва5а таптыыр кэргэнин Евдокияны илдьэ уерэнэ барар. Москва5а сылдьан Дуунньата Степан Гоголевы кытары билсэр...

8. Олох оноhуута ураты, \ Киhи кэскилэ кэдэрги, \ Сана да эргэрэр, \ Санаа да уларыйар, \ Таптал да сал5ар, \ Сурэх да селлер…

9.Таптыыр дьахтарын таннарыыта, биллэн туран, уйан дууhалаах поэт киhиэхэ улахан охсуу буолбута. Ей-санаа куустээх тумуллуутун эрэйэр уустук уонна эппиэттээх улэ5э сылдьар поэт ыар оло5о са5аламмыта. Ол да буоллар, Анемподист Иванович таптыыр дьахтара, со5отох таптала барыан ба5арбата5а…

10. Сурэ5им ньуелуйэр, \ Суhуе5ум хамныыр \ Хара5ым уута халыйар, \ Хааным хараастар. \ Кер эрэ, кемуhуем! \ Кемускэм иhиттэн куех уу \ Кетуллэн туhэрин!

11.Алама5ай санаа5ынан \ Алларыйбыт бэйэбин \ Аралдьыт даа, ааттыыбын! \ Буоhата суо5у булкуйан \ Боруоктаспыт буруйбун \ Бырастыы кын!

12.Аныгы арыллар Ахсааннаах куннэрбин Адыылаан кер. Аан дойдуттан Аттаныахпар диэри Арахсар санаам адьаhын суох. Ааттаhабын, абарыма!

13. Анемподист Иванович кэргэнэ атын киhиэхэ иирэн барбытыттан кэлэйэн, сурэх хомолтотун хоhоонунан эппитэ… \ 14. Ээ, баттахтаах барахсаттар, \ Ээ, сhьуохтаах ньургуттар, \ Искит эгэлгэтэ эриэнэ элбэ5ин, \ Санаа5ыт салаата сарбынньа5а саланын…

15.Ол эрээри Алампа 14 сыл устата эйэ дэмнээхтик бииргэ олорбут кэргэнин кhьа5аннык санаабат, ахтыбат этэ. Дуунньатын,со5отох тапталын, буруйдаабакка, сэмэлээбэккэ кенул биэрэн, дьоллоохтук олороругар ал5аан ыыппыта:

16. Уу долгунун курдук \ Унаарыта устан, \ Салгын нарынын са5а \ Талбаарыйа хааман, \ Куех мас курдук \ Куегэлдьийэн курэммиккин \ Кемускэм уутунан керен туран, \ Быстахха ылларыма, была5айга былдьатыма, \ Быдан бырастыы, - диэтим.

17. Алампа оло5ун тиhэх куннэригэр диэри Дуунньатын ахта, саныы сыппыта. Кини: «Оо, арай, эн эр бэрдэ хайдах эрэ тылгар киллэрэннин, кинини… Дусяны ахсым акка олордоннун, оол айан суолунан кетутэн аhардаргын… Мун саатар ыраахтан бу туннугунэн батыhа керен хаалыах этим…» - диэн бутэhик кердеhуутэ туолбата5а.

18. Олох олоруу муудараhын, таптыыр сурэх дэлэгэйин Алампаттан булабыт. Ханнык да тугэннэ оло5у, таптыыр киhини таптыырга уерэтэр Алампа дирин дэлэй Поэзията.

19.Саха5а дьахтарга урдук тапталга билиммит, таптаабаты да таптыыр модун куустэммит, таптыыр талааннаах - Алампа.

20.Анемподист Иванович тапталлаа5ын уобараhын уйэтиппит, тапталын мунун туойбут ырыалара-хоhоонноро саха баарын тухары ыллана-аа5ылла туруохтара, ейу-санааны ерукутуехтэрэ, сырдык иэйиини уhугуннарыахтара.


Сценарийы суруйда: Неустроева С.Т.

саха тылын уонна литературатын

учуутала.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал