- Учителю
- Классный час Как строить отношения с теми,кто не похож на нас
Классный час Как строить отношения с теми,кто не похож на нас
Как строить отношения с теми, кто не похож на нас
(для учащихся 4кл. с якутским языком обучения)
«Миэхэ майгыннаабат киьилиин мин хайдах сыьыаннаьабын»
Учуутал: утуо кунунэн. Бугунну кылаас чааспытын са5алыыбыт.
Билсиьии
Учуутал: «Ынах маныраан, сылгы кистэьэн. Киьи кэпсэтэн билсэр диэн ос хоьоон баар». Ол сиэринэн биьиги эмиэ билсиэ5ин. Урут биьиги обугэлэрбит бэйэлэрин билсиьиннэрэллэригэр а5аларын аатын ааттан, кини о5ото буоларын бэлиэтээн туран билсиьэллэрэ. Холобур: мин Олоксой кыыьа Надежда Алексеевна буолабын. Саха киьитэ ыалдьытыгар кымыс кутан сурэ5ин - быарын сылаанньытар угэстээх эбит. Онон бэйэ5итин билсиьиннэрэ5ит уонна бу чороонноох кымыстан иьэн баран салгыы бэрсэн иьэбит. (оголор ааттарын этэ- этэ чороонноох кымыс иьэллэр)
Учуутал: Чэ, билсистэхпит буолун.
-
Олороллор тогуруччу:
Учуутал: Билигин оголор мин кылгас оонньуу ыытыам. Ким бу мин эппиппэр соп тубэьэр тургэн ба5айытык миэстэтиттэн ойон турар. Бары турбут киьиэхэ таьынанбыт. Ойдоотугут? Са5алыыбын:
- ким рубашкалаах
- ким сапожкалаах, ботинкалаах
- ким танаьыгар элбэх тимэхтээх
- ким телевизор корорун собулуур
- ким утуйарын собулуур
- ким таптыыр кыыла ыт.
2. Биьиги тугунан бэйэ- бэйэбититтэн атыммытый? Ыйытык
Учуутал: Оголорум наьаа учугэйдик оонньоотугут. Оттон билигин мин ыйытыахпын ба5арабын: киьи киьиттэн аны тугунан атын буолуон собуй? (Оголор эппиттэрин дуоска5а суруйабын - столбигынан)
Оголор: хара5ын онунэн (хара, куох, от куох, сиэрэй), омугунан (саха, нуучча, немец…), унуо5унан (кыра, улахан), танаьынан (ыраас, кирдээх, отууктэммит) уо.д.а.
Учуутал: чэ бу оголор испииьэкпитин суруйдубут. Бу дьон бэйэ- бэйэтиттэн ураты бэлиэлэрэ. Оголор, эьиги дьон уратытын корон кулуу гына5ыт дуо, эбэтэр сыьыанныт уларыйар дуо?
Оголор:
Учуутал: сорох дьон киьи уратытын корон кулуу гынар тубэлтэтэ угус. Эьиги санаа5ытыгар оннук быьыыланар соп дуо?
Оголор: Суох
Учуутал: Саамай соп. Хас биирдии киьиэхэ биьиги эйэлээхтик, утуотук сыьыаннаьарга тоьо кыалларынан кыьанан сатыахтаахпыт.
-
Тугунан биирбитий
Учуутал: Аны оголор туохпутунан биирбитин быьаарыа5ын. Собулэьэ5ит?
«_____ круг ортотугар тахсаргар кордоьобун. Того диэтэргин эн уонна мин (ааппыт биир, танаспыт оно, баттахпыт уьуна, иккиэн ыты собулуубут, унуохпут тэн, ….)» тахсыбыт ого салгыы атын огону ынырар. Бутэьигэр бары круг ортотугар тахсыахтаахпыт
-
Бары кругка киирбиттэрин кэннэ
Учуутал: «Чэ эрэ билигин ___________ миэстэлэрин атастаьаллар» (2-3 мунуутэ)
-
Тумук.
Учуутал: Оголор, эьиги туох диэн санаа5а кэллигит. Миэхэ майгыннаабат киьилиин мин хайдах сыьыаннаьыахтаахпыный?
Оголор:
Учуутал:ого миигиттэн уратытын корон кулуу гынар соптоох быьыы дуо?
Оголор:
Учуутал: Саамай соп. Хас биирдии киьи бэйэтин ис санаатынан, тутта- хапта сылдьарынан, киьиэхэ сыьыанынан кэрэ буолар. Онон, оголорум, утуо дьон буола улаатын. Бугунну кылаас чааьа манан бутэр. Кохтоохтук кыттыбыккытыгар махтанабын.