- Учителю
- Конспект классного часа на тему День знаний (Билии кунэ) (2 класс)
Конспект классного часа на тему День знаний (Билии кунэ) (2 класс)
Кылаас чааьа. 1 кылаас.
Билии кунэ.
1. Бала5ан ыйын маннайгы кунэ- аан дойду о5олорун бутуннуутун бырааьынньыга. То5о диэтэххэ бу кун араас куораттар, дэриэбинэлэр кыргыттара, уолаттара аан маннай оскуола боруогун атыыллыыллар эбит.
Дойду бары оскуолаларын холбуур эбит буоллахха туох да олус улахан куорат буолуо этэ.
Кунду о5олор эьигини бугун оскуола оло5о са5аламмытынан ис сурэхпиттэн э5эрдэлиибин. Бугуннуттэн ыла эьиги кыргыттар, уолаттар, о5олор эрэ диэн буолбатаххыт, бугуннуттэн ыла, эьиги оссо ким диэн ааттана5ыт?
Бала5ан ыйын маннайгы кунэ оскуола эрэ бырааьынньыга буолбатах, уорэнэр дьон бары бырааьынньыктара. Оттон уорэнэллэр араас саастаах дьон араас идэ5э. Оттон билии кунэ сылга биирдэ буолар. Оттон билиини 365 хонукка ханатар наада.
2. О5олоор, эьиги оскуола5а туохха диэн кэллигит? Туохха уорэниэххитин ба5ара5ыт?
- Эьиги билигин тугу сатыыр буоллугут?
3.Эьиги бары мин ааппын билэ5ит. Ол гынан баран эьиги мин тугу собулуурбун, тугунан дьарыктанарбын, дьиэ- кэргэммин, ханна олорорбун, сайыны хайдах атаарбыппын, ханнык киинэлэри, ырыаьыттары собулуурбун билбэккит.Ону барытын эьиги билиэххит оско эьиги миэхэ ыйытыы биэрдэххитинэ. Ыйытын, тугу интэриэьиргииргитин, мин эппиэттиэм.
- Тохтоон эрэ. Оско эьиги тэннэ санардаххытына, айдаан буолар, эьиги бэйэ- бэйэ5итин истибэккит. Эьиги тугу санараргытын мин кыайан ойдообоппун. Оннук буолбат наадаттан оскуола5а маннык быраабыла баар. Санарыаххын ба5ара5ын - илиигин уун.
Дьэ, аны эьиги уорэнээччилэр курдук илиигитин уунан ыйытын.
Дьэ, эьиги мин туспунан элбэ5и биллигит. Аны бэйэ-бэйэ5итин кытта билсиьиэххит.
Мин билигин эьиэхэ тыллары этиэм. Эьиги ол тема5а бэйэ-бэйэ5итигэр ыйытыы биэриэххит.( Аат, Дьиэ- кэргэн, Сайын, Кыыллар)
-Оссо бэйэ5ит конулгутунэн до5орун туьунан тугу билиэххин ба5араргын ыйыт.
- Дьэ онон биьиги бэйэ-бэйэбитин учугэйдик билистибит диэххэ соп.
4. Билигин биьиги "Бол5омтолоох буол" диэн оонньууну оонньуохпут.
-Дьон кэпсэтэригэр бэйэ-бэйэлэрин корсоллор. Эьиги тоьо бол5омтолооххутун билээри оонньуохпут. Харахпытын сабабыт, тобо5утун паарта5а уурун.
- Ким сэсиэтэ сырдык баттахтаа5ый? Илиигитин уунун. (хараххытын аьыман)
- Хараххытын аьын бэйэ5итин бэрэбиэркэлэнин.
-Ким сэсиэтэ хара харахтаа5ый?
5. Билигин сорудахпыт арыый да ыарахан буолуо. Сорох ыйытыыларга бары тэннэ эппиэттиэхпит, сорох ыйытыыларга биирдиилээн. Бол5омтолоох буолун.
-Бары тэннэ 1-гэ 1-ри эптэххэ хас буоларый?
-Бары тэннэ Ханнык кыыл уьун муннулаа5ый?
-Тыа5а ханнык отоннор уунэллэрий? Ким билэрий?
- Хаьан сэбирдэх туьэрий?
- Уьун муннулаах остуоруйа геройун бары тэннэ этиэххэйин.
- Эн собулуур оонньуурун?
- Хорунан Понедельник кэнниттэн ханнык кун кэлэрий?
- уолаттар ааттарын ааттаталаа.
- кыргыттар ааттарын
Бары тэннэ Мин аатым...
Бары тэннэ Эьиги ким буолуоххутун ба5ара5ыт?
Оонньуу: Оссо ханнык онноо5уй?
Мин араас онноох тогуруктэри кордоруом. Ону эьиги хорунан эппиэттээн.( Бол5омтолоох буолун. Сорох тогуруктэри мин булкуйуом, ону эьиги конноруоххут.
Маладьыастар. Билигин эьиги тоьо фантазиялааххытын билиэм. Бу саьархай тогурук. Кини кун эбэтэр цыплёнок буолуон соп. Оссо ким эбэтэр туох эмит буолуон соп дуо?
- Арай эьиги худуоьунньуктар эбиккит. Эьиэхэ икки эрэ кырааска баар. Саьархай уонна от куох. Эьиги ханнык ойууну оноруоххут этэй?
Тэтэрээккэ эьиги ханнык буукубалары уонна сыыппаралары билэргитин онорун уонна тугу эрэ бэйэ5ит ба5а5ытынан ойуулаан. Ааккытын суруйун.
- Бугунну кылаас чааспытыгар тугу гынныбыт?
-Тугу ордук собулээтигит?
Эьиги улэ5ит иьин махтанабын. Салгыы сарсынныттан ыла эьиги билиигит- коруугут элбии туруо5а. Турдубут. Корсуоххэ диэри.