- Учителю
- Сценарий интегрированного урока по физике и якутской литературе 'Кытыйа'
Сценарий интегрированного урока по физике и якутской литературе 'Кытыйа'
С.Р.Кулачиков-Эллэй 105 с. аналлаах тэрээһиңңэ аһађас уруок
уруок темата:«Кытыйа» хоһоон устун
Учууталлар: саха тыла-Кириллина А.В.,физика-Налыяхова Д.А.
Күнэ-ыйа - ахсынньы 4 күнэ 2009 сыл
Кылааһа - 7
Интегрированнай уруок - саха литературата уонна физика
Уруок бэлиэ тыла: Уруккуну умнума, ааспыты аахайбат буолума
Уруок тирэх хоһооно:
Эһиги миигин өйдүөххүт…
Ођо хатан куолаһа
Хоһоон аађар уруогар…
Уруок темата: С.Р.Кулачиков-Эллэй «Кытыйа» хоһоонун устун.
Сыала: 1. «Кытыйа» хоһоон тылын-өһүн нөңүө ођону сиэрдээх быһыыга-майгыга, төрөөбүт дойдуга тапталы иитии,
2. Кытыйа иһит быһыытынан физическай характеристикатын үөрэтии.
Соруктара:
-
Куолаан үлэђэ үөрэтии;
-
Ситимнээх саңаны сайыннарыы;
-
Харыстанньаң, аһыныгас буолууга үөрэтии;
-
Төрөөбүт дойдуга тапталы, ытыктабылы иитии.
Уруокка туттуллар тэрил: ИКТ, кытыйа, А4 кумаађы, кыптыый, кырааска харандаас, клей, сорудахтаах карточкалар, мензурка, уулаах иһит, кыра кытыйалар, ыйааһын.
Уруок этаптара:
-
Тэрээһин чааһа, уруок сыала-соруга, бөлөђүнэн үлэђэ бэлэмнээһин - 1мүн.
-
Уруок сүрүн чааһа
-
«Эллэй - биһиги биир дойдулаахпыт» Эллэй бииргэ төрөөбүт быраата Михаил Романович Кулачиков ахтыытынан - Аввакумов Володя - 3мүн.
-
Эллэй Саха бастакы народнай поэта. Кинини бары хоһоонньутунан билэбит. Хоһоонунан киһи бэйэтин иэйиитин, үөрүүтүн эбэтэр хомолтотун, санаата көтөђүллүүтүн эбэтэр түһүүтүн, буола турар түбэлтэђэ, быһыыга-майгыга сыһыанын көрдөрөр
Бүгүн биһиги Эллэй «Кытыйа» хоһоонун аађыахпыт.
Эллэй 1930 с. дойдутугар кэлэ сылдьан Мойуонађа дьиэтин тэлгэһэтиттэн эргэ кытыйа сытарын булан ылан бу хоһоону суруйбут.
Бэрт быстах кыра чахчы да норуот олођун. ааспыт, билиңңи кэмин туһунан түмүктэбиллээх санааны этэр поэтическай уобараһы айарга төрүөт буолар эбит.
-
Бөлөђүнэн үлэ сыала-соруга 7мүн.
Бөлөхтөргө сорудах: (Ыйытыылаах карточкалар)
-
Эллэй кытыйаны булан баран туох дии санаабыта буолуой? (Бөлөхтөн биир ођо туран көмүскүүр), арай эн эргэ өтөхтөн былыргы иһит булбуккун, туох дии саныаң этэй? (толкуйдатар ыйытыы)
Онтон мин : маны хаһан эрэ тутта сылдьыбыттара буолуо, ким эрэ уһанна буолла, бу дьиэ кэргэңңэ кимнээх эрэ бааллара буолла.
Ханнык бађарар эргэ иһит эмиэ дьылђалаах, киһи курдук олохтоох эбит диэн түмүккэ кэлэбит.
-
«Кытыйа» хоһооңңо монтаж (кытыйаны тутан туран этэллэр) - 3мүн.
Эллэй - поэт. Бу хоһоону суруйарга төрүөт - эргэ кытыйаны булуу.
-
Тылдьытынан үлэ-3мүн. Хоһооңңо билбэт тылларгыт бааллар дуо?
Хоһооңңо билбэт тыллары быһаарыы (тылдьытынан үлэ)
- Суха - мас сүнньэ (урут булуук оннугар туттуллубут судургу оңоһуулаах уллуңађа эрэ тимир, бэйэтэ мас сир хорутар тэрил);
- Удьурђай - хатың саамай төрдүн иирчэх курдук эриллэн үүммүт саастаах ордук кытаанах, бөђө өттө. Хатың силиһин төрдүгэр үүнэр удьурђай бэрт сыаналаах, күндү маһынан аађыллар. (С.О.);
- Былах - хатың мас лабаата, хаппыт лабаа;
- Ала - ынах-сүөһү өңө.
(бөлөхтөн биирдии ођо көмүскүүр)
Кылааска уопсай ыйытыы, кэпсэтиһии
Мас кытыйа диэн туох иһитий? (удьурђайынан оңоһуллар иһит)
Хайдах оңоһулларый? (мас ууһа быһађынан кыһан оңорор)
Киэргэтиитэ тугуй? (быһах төбөтүнэн сахалыы оһуор түһэрэллэр, алтанынан суолах устун иилииллэр)
Саха сирин саамай улахан былыргы кытыйата ханна баарый? Ытык Күөлгэ, Хадаайыга баар. (хаартыскатын көрдөрүү) -3мүн.
Кылааска уопсай ыйытыы, кэпсэтиһии
Физика (бөлөђүнэн үлэ)
1.Кытыйа маассата
2. Объема
3. Алтан чиңэ
-
Кинигэбит 2 таблицатын туһанан кураанах мас, алтан чиңнэрин булуң. Ити тугу көрдөрөрүй? 7мүн.
-
Лабораторнай үлэ (карточка5а суруллар)
Кытыйа иһин, маассатын кэмнээһин
Yлэ сыала: кээмэйдиир цилиндр көмөтүнэн кытыйа иһин, ыйааһынынан маассатын кэмнээһин.
Туттуллар маллар, прибор: кээмэйдиир цилиндр, уулаах иһит, кураанах иһит,
Бол5ойуӊ! Таас иһитинэн сэрэхтээхтик үлэлээӊ.
Иһит иһин сабардамын хайдах кээмэйдиири толкуйдааӊ.
Кээмэйдээһини таблица5а суруйан иһиӊ.
1мл=1см3
1см3 =0,000001 м3
-
№
Иһит аата
Иһит иһин сабардама
Маассата
мл
см3
м3
г
кг
1
2
ортотунан
Түмүктэ суруйуӊ.
Биһиги бу үлэни оӊорон ……………………………………………………………………………………………
………………………………………………………………………………………
……………………………………………………………………………………...
………………………………………………………………………………………
Кытыйа физическай характеристикатын биллибит. Аны билигин хоһооммутун ылабыт.
-
Хоһоону аађыы
-
Автор өйүгэр ханнык хартыыналар көстөн испиттэрий? - 10 мүн.
Хоһооңңо хартыыналар утум-ситим биһиги харахпытыгар көстөн иһэллэр - бу хоһоон сюжета буолаллар
-
Хартыына. Кытыйа оңоһуллубут маһа - хатың. Хатың мастан былыр тугу туһаналлар эбитий?
-мас суха;
- кыраабыл тииһэ;
- былађа эбии аһылык.(Дуоскађа хатың мас ыйанар, бөлөххө сорудах)
«Хатың мас туһата» - бөлөђүнэн үлэ (от күөх өңнөөх кумаађы сэбирдэх түңэтиллэр)
Өбүгэ туттар сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа, эмп-томп уо.д.а.
1 2 3
Сэп-сэбиргэл Иһит-хомуос Эмп-томп
Суха маһа кытыйа сэбирдэђэ
Кыраабыл чороон аһылла илик үнүгэс
Олоппос мас хамыйах туос ыаһа
Ыскаап чааскы (хончођор)
Остуол мас уһаат
Сэбирдэхтэрин дуоскађа ыйаммыт хатыңңа тахсан сыһыараллар, көмүскүүллэр
Хатың мас эмкэ туһатын туһунан ођолорго, уонна ыалдьыттарга түңэтиллэр.
( Ођолор самостоятельно үлэлииллэр)
2.Хартыына. Кытыйаны оңорбут маастар туһунан автор билгэлээһиннэрэ. Сэллик ыарыы туһунан, кэпсэтиһии.
Кытыйаны оңорбут маастар дьылђатын автор билгэлээһиннэрэ:
- билигин кини ханнаный?
- ыалдьан өлбүтэ дуу?
- артыалга киирбитэ буолаарай?
Былыр ханнык ыарыы ордук элбэх эбитий? Тођо буолуой? (разминка)
Кытыйаны уус оңорор диэтибит. Ханнык уустар баалларый? Мас ууһа, тимир ууһа, көмүс ууһа. Тааттађа ким диэн ааттаах уус баарый? Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус туһунан кэпсэтиһии.
3.Хартыына.Кытыйа аһа-үөлэ.
Хоргуйбут киһи куурда салыыр, аһа сылаас, саламат куталлар эбит. Өссө тугу куталлара буолуой? Суорат, сүөгэй, миин уо.д.а.
Ас кутарга кытыйа табыгастаах: кини чэпчэки, итиини тулуйар, ас амтанын сүтэрбэт, истээх.
4.Хартыына. Кытыйа тођо алдьаммыта буолуо диирий?
-уота хайа салаабыт(кытыйађа кутуллубут ас сылаас минньигэс);
- дьиэлээх тойон хаартыһыт ьуолан, тугун барытын сүүйтэрбит, кытыйађа ас кутуллубат буолбут, бырађыллыбыт, ол иһин хайдыбыт дии саныыр.
5. Хартыына
Кытыйаны сынньатар, утутар
Хоһоон кэнники икки строфатын литературнай критиктэр тођо сөбүлээбэтэхтэрэ буолуой?
Бу икки строфаны ылан баран, туох диэн тылларынан хоһоону түмүктүөххэ сөбүй? Айар үлэђэ холонон көрүөххэйиң.
(бөлөђүнэн үлэ)
Тахсан көмүскүүллэр 5мүн.
Рефлексия
Уруокка саамай тугу сөбүлээтигит?
Дьиэђэ үлэ:
-
Ханнык уобарастыыр, ойуулуур ньымалары туттубутуй?
- Тыыннаађымсытыы.
Эллэй кытыйаны тыыннаах курдук саныыр, кэпсэтэр.
- Риторическай ыйытыы.
Эт эрэ…Ким оңорбутай?
- Уус-уран эпитет.
Уоттаах алтаннаах удьурђай, кылбайар тиис, кытыл кыыс баттађа, талааннаах тарбах, муустаах иин, күн сарыаллана сандааран, саңа үйэ күүстээх баалыгар, уо.д.а.
- Тэңнээһин.
Биитэр кини эмтэммэт буолан,
Эмиэ хараңа дьоннордуу…
Саламаатынан айах тутуу. «Кытыйађа кутуллубут ас минньигэһин!» -3 мүн.
Кытыйа
Эт эрэ эн миэхэ, кытыйа,
Уоттаах алтаннаах удьурђай,
Ханнађы хатыңы кыдыйан,
Ким эйигин оңорбутай?
Эн хатыңың хамсыыр сүрүнэ
Мас сухађа барбыта дуу?
Тимир булуук - буолак буойуна -
Ол босхоңу туоратта дуу?
Биитэр эн хатыңың кыраабыл
Кылбайар тииһэ буолта дуу?
Кытыл кыыс баттађын тараабыт
Талааннаах тарбах этэ дуу?
Биитэр эн хатыңың былађа
Сут дьылтан тыына хараарар
Дьадаңы биир ала ынађар
Абырал буолта буолаарай?
Эйигин уһаммыт маастарың
Билигин ханна эбитэй?
Хайа дойду хатың мастарын
Киһи дьолугар кэрдэрэй?
Биитэр кини эмтэммэт буолан,
Эмиэ хараңа дьоннордуу,
Сэлликкэ тыңатын аалларан,
Муустаах ииңңэ киирбитэ дуу?
Биитэр кини муңнаах суолугар
Күн сарыаллана сандааран,
Саңа үйэ күүстэх баалыгар -
Артыалга киирбит буолаарай?
Эт эрэ эн миэхэ, кытыйа,
Уоттаах алтаннаах удьурђай,
Хас киһи хоргуйан, сылайан,
Эйигин куурда салыырай?
Хас киһи үлэлиир өллөнөн,
Эн аһың суоһуң билбитэй,
Эн искэр сүүрэлиир төлөнүң
Хас айан уотугар тэңэй?
Бу туохтан тырыта эн бардың,
Уотуң хайа салаата дуу?
Дьиэлээх тойонуң туох баарын
Сүүйтэрэ хаартылаата дуу?
Хайаабыт да иһин эйиэхэ
Саламаат баһар тохтообут.
Этиң-сииниң баастардаах дьиэгэ
Онон-манан ойуолаабыт.
Төһө да төлөннөөђүң иһин,
Таас кытыйађа кыайтардың!
Аһатан абырыыр киһигин
Тимир иһиккэ былдьаттың!
Дьэ уурай! Хап-хара кытыйа,
Уоттаах алтаннаах удьурђай,
Өрүү сынньанар, утуйар
Үйэң үөскээтэ, быраһаай!