7


  • Учителю
  • А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сурук

А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сурук

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Предмет: төрүт культура

Кылаас:7

Оскуолата:Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата

Учуутал:Максимова Саргылана Васильевна

Уруоктемата:А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сурук

Уруок тиибэ:саҥа билиини ылар үөрэх дьарыга

Технология:ыраҥалыыр толкуйу сайыннарар технология

Сыала:

Үөрэтэр:

1.Ынах сүөһүнү иитиигэр олоҕуран тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын өйдөбүлүн олохсутуу.

2. Өйдөбүллэри кытта үлэлиир сатабыллары иҥэрии.

3.Ыйытыыга эппиэт көрдүүр үөрүйэхтэри сайыннарыы.

4. Суруктан наадалаах информацияны ылыыга үөрэтии.

5.Уруок сыалын таһаарар үөрүйэххэ үлэни туһаайыы.

Сайыннарар:

1.Санааны сатаан сааһылаан этэр үөрүйэхтэри сайыннарыы.

2. Толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.

Иитэр:

  1. Тыа хаһаайыстыбата билиҥҥи кэмҥэ сайдыытын сыаналааһын.

  2. Ынах сүөһүнү иитиигэ А.Е.Кулаковскай этиилэрин туһаныы көдьүүстээҕин өйдөтүү.

  3. «Үлэһит киһи хаһан да охтон биэрбэт» диэн өйдөбүлгэ иитии.

Туттуллар средство:А.Е.Кулаковскай мэтириэтэ, А.Е.Кулаковскай"Саха интеллигенциятыгар" суруга, презентация, хаһыат матырыйааллара.Учуутал

дьайыыта

Оҕо дьарыгын

түмүгэ

Үөрэх дэгиттэр

дьайыылара

1

Тэрээһин

Болҕомтону тардыы

«Соһуйуу»

Учуутал хомуска оонньооһуна.

Эҕэрдэлэһии.

Учуутал толкуйдатар ыйытыылары биэриитэ:

А.Е.Кулаковскай туһунан тугу билэҕитий?

Хомуллуу, ыйытыыларга эппиэт.

Бэйэни салайынар дьайыы (регулятивнай), үлэҕэ киириигэ ис туругу бэлэмниир.

2

Уруокка көҕү уһугуннарыы

Уруокка көҕү көбүтүү, баар билиигэ олоҕуран уруок ис хоһоонугар киирии.

"Идея хомуйуу корзината"

Учуутал толкуйдатар ыйытыылары биэриитэ:"Сахалар төрүт дьарыктара тугуй?"

Ынах сүөһүнү иитиигэ туохха болҕомто ууруохха нааданый?

Ыйытыыларга эппиэттээһин

Билэр-көрөр сатабыл (познавательнай), оҕо бэйэтэ үлэлиир сыалын-соругун чопчулуур.Бэйэни салайынар (регулятивнай),

тугу билэрин чопчуланар, тугу билиэхтээҕин чуолкайдыыр. Бодоруһар (коммуникатив-най) диалогка киирэр.

3

Толкуйдатыы

Темаҕа интэриэһи иҥэрии, билэр информацияҕа олҕуран сорудах толоруу.

Уруһуйдатыы

Учуутал толкуйдатар ыйытыылары биэриитэ: «Билигин ханнык боруода ынахтары иитэбитий?»

Күкүр диэн тугуй?

Дал диэн тугуй?

Хотон сүөһүнү иитиигэ хайдах буолуохтааҕый?

Сахалар сүөһүгэ эбии ханнык аһылыктары туһаналларый?

Сахалар ынах сүөһүттэн ханнык астары оҥороллоруй?

Ылбыт өйдөбүллэргэ олоҕуран сөптөөх эппиэти А-3 кумаахыга түһэрии.

Билэр-көрөр сатабыл (познавательнай),наадалаах информацияны булар, санаатын сааһылаан этэр. Тус суолталаах (личностнай): атын киһи санаатын болҕойон истэр. Бодоруһар (коммуникатив-най):бөлөххө үлэлиир.

4

Толкуйдатыы

Билэр информацияҕа олоҕуран толорбут сорудаҕы көмүскээһин.

"Идея хомуйуу корзината"

Бөлөхтөр үлэлэрин түмэллэр, ырыталлар, мөккүөрү таһаараллар.

Билиилэрин сааһылыыллар, дакаастыыллар.

Бодоруһар (коммуникатив-най):санаатын атастаһар, атыттары истэр.

5

Саҥа билиини ылыы

Уруок саҕаланыытыгар төннүү. А.Е.Кулаковскай ынах сүөһүнү сайыннарыыга санааларын билиһиннэрии.

Саҥа билиини ылыныы

Учуутал А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" суругун көрдөрөр.

А.Е.Кулаковскай санааларын таблицанан көрдөрүү, автор санааларын быһаарыы.

Тоҕо А.Е.Кулаковскай маннык санаалары эппитэ буолуой?

Презентацияттан -А.Е.Кулаковскай"Саха интеллигенция-тыгар" суругун 35 сааһыгар, 1912 сыллаахха Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр олорон Инородческай съездкэ анаан суруйбута.

А.Е.Кулаковскай туруорсуута:

1.Сүөһүнү тупсарар сыалтан боруоданы уларытыахха.

2.Отор оҥостуохха.

3.Сүөһүнү хаххалаах далга аһатыахха.

4.Хотону туспа тутуохха.

5.Үрүҥ аһы ыал аайы дэлэтиэххэ.

6.Биэ үүтүттэн кымыс оҥорон тарҕатыахха.

-тэтэрээккэ сурунуу.

-Хаһыат матырыйаалларын ааҕыы.



Билэр-көрөр сатабыл (познавательнай):наадалаах информацияны булар, санаатын сааһылаан этэр.

Тус суолталаах (личностнай):

атын киһи санаатын болҕойон истэр. Бодоруһар (коммуникатив-най):өптөөх ыйытыы биэрэр, кэпсэтиигэ киирэр.

6

Рефлексия

Уруок саҕаланыытыгар төннүү, түмүктэри оҥоруу.

Рефлексиятэрийии

Учуутал толкуйдатар ыйытыылары биэриитэ:

-Бу уруоктан тугу биллигит?

-Уруок сыалын ситтэ дуо?



Уруокка санааларын этиилэрэ, сыаналаныы.

Бэйэни салайынар (личностнай):

бэйэтин дьайыытын түмүктүүр, сыаналыыр.

7

Дьиэҕэ үлэ "Сүөһү иитиигэ проект"





</<font face="Times New Roman, serif">Учуутал проегы быһааран биэриитэ.



















 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал