- Учителю
- Конспект праздника Новый год
Конспект праздника Новый год
МБДОУ "Детский сад "Туллукчаана"
1-гы Хаҥалас нэһилиэгэ
Сана дьыллаа5ы аралдьытыы конспега
Бэлэмнээтэ: Иитээччи Винокурова М.Н.
2015 сыл.
Сана дьыл
1 мл.группа
Остуоруйа Куобах дьиэтэ.
Кыһыҥҥы хартыына.
Кэпс.- Бүгүн мин эһиэхэ куобах саһылтан хоргуппутун туһунан остуоруйаны кэпсиэм. Арай биирдэ саһыл куобаҕы көрөн ыҥыран ылар.
Саһыл.-Куобах, эн сытар ынаҕы туруорбат үтүө майгылаах буоллаҕыҥ. Дьиэ туттан ыаллыы олоруох эрэ.
Куоб. - Чэ туттуох даганы.
Кэпс.- Куобах эт мэйиитинэн толкуйдаан, сэттэтэ кээмэйдээн маһынан дьиэ туттар. Саһыл сүрэҕэлдьээн тургэнник бүтэ охсоору мууһунан туттар.
Саһыл дьиэтэ - муус. Куобах дьиэтэ - мас.
Саьыл. Һа-Һа-Һа. Куобах эрэйдээх дьиэҥ хараҥатыын, миэнэ сып - сырдык. Сатабыллаах саһыл саҕалаах диэн миигин этэн эрдэхтэрэ.
Куобах.- Эйиэнэ сырдыгын иһин тымныы да тымныы. Миэнэ сып-сылаас.
Кэпсээнньит.-Саас кэлэн, күн уота сырдьыгыначчы тыган, саһылбыт дьиэтэ ууллан хаалар. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, куобахха тиийэн албыннаһар, көрдөһор - ааттаһар.
Саһыл.-Куобах ыалым барахсан, дьиэҕэр киллэр, дьиэтэ суох хааллым.
Куобах.- миигин күлүү гыммытыҥ. Киллэрбэппиин.
Саһыл. - Миигин бырастыы гын, куобахчаан, баһаалыста киллэр.
Кэпсээнньит.- Саһыл куобах дьиэтигэр киирэн куобаҕы үүрэн ыытар.
Саһыл.- Бар мантан, эйиигин кытта олоруохпун олох баҕарбаппын. Киэр буол, аны бу мин дьиэм.
Кэпсээнньит.- Куобах үүрүллэн тахсан хайаахтыай. Ойуур устун баран иһэн ыты көрсөр.
Ыт.-Ам, ам, ам. Куобах тоҕо ытаатыҥ.
Куобах.- Тоҕо ытыам суоҕай. Саһыл муус дьиэлээх этэ. Мин мас дьиэлээх этим. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миигин дьиэбиттэн үүрэн ыытта.
Ыт.- Ытаама куобах, мин саһылы үүрүөм. Бардыбыт.
Ыт - Саһыл, куобах дьиэтиттэн тахса оҕус.
Саһыл. - Миэхэ чугаһаама, тириигин тоҕо тардыам. Түүгүн өрө көтүтүөм.
Кэпсээнньит.- Ыт саһылтан куттанан, сүүрэн хаалар. Куобах муҥнаах өссө күүскэ ытыыр. Аара суолга бөрөнү көрсөр.
Бөрө. - Уу-уу. Куобах тоҕо ытаатыҥ.
Куобах.- Тоҕо ытыам суоҕай. Саһыл муус дьиэлээх этэ. Мин мас дьиэлээх этим. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миигин дьиэбиттэн үүрэн ыытта.
Бөрө. - Уу-уу. .- Ытаама куобах, мин саһылы үүрүөм. Бардыбыт.
(бараллар). - Саһыл, куобах дьиэтиттэн тахса оҕус.
Саһыл. - Миэхэ чугаһаама, тириигин тоҕо тардыам. Түүгүн өрө көтүтүөм.
Кэпсээнньит.- Бөрө саһылтан куттанан, сүүрэн хаалар. Куобах муҥнаах өссө күүскэ ытыыр. Аара суолга эһэни көрсөр.
Эһэ. - Ырр-арр. Куобах тоҕо ытаатыҥ.
Куобах.- Тоҕо ытыам суоҕай. Саһыл муус дьиэлээх этэ. Мин мас дьиэлээх этим. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миигин дьиэбиттэн үүрэн ыытта.
Эһэ. - Ырр-арр .- Ытаама куобах, мин саһылы үүрүөм. Бардыбыт.
(бараллар). - Саһыл, куобах дьиэтиттэн тахса оҕус.
Саһыл. - Миэхэ чугаһаама, тириигин тоҕо тардыам. Түүгүн өрө көтүтүөм.
Кэпсээнньит.- Эһэ саһылтан куттанан, сүүрэн хаалар. Куобах муҥнаах өссө күүскэ ытыыр. Аара суолга бөтүүгү көрсөр.
Бөтүүк. - Кукареку-кукарекуу. Куобах тоҕо ытаатыҥ.
Куобах.- Тоҕо ытыам суоҕай. Саһыл муус дьиэлээх этэ. Мин мас дьиэлээх этим. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миигин дьиэбиттэн үүрэн ыытта.
Бөтүүк. - Кукареку-кукарекуу. .- Ытаама куобах, мин саһылы үүрүөм. Бардыбыт.
(бараллар). - Саһыл, куобах дьиэтиттэн тахса оҕус.
Саһыл. - Миэхэ чугаһаама, тириигин тоҕо тардыам. Түүгүн өрө көтүтүөм.
Бөтүүк.- Сытыы хотүүрбунан охсуом. Кукареку(охсубута буолар).
Саһыл.- Уой, куттанахпыан.
Кэпсээнньит.-Саһыл куттанан куотан хаалар.
Бөтүүк.- Дьэ куобахчаан, саһыл майгытын биллиҥ ини.
Куобах. -Хорсун Бөтүүкчээн, миигин быыһаабыккар баһыыба. Эн биһикки бииргэ олоруох.
Кэпсээнньит.- Онтон ыла куобахтаах бөтүүк күн бүгүнүгэр диэри иккиэн сүүс сүүстэриттэн өйөнсон, өйөһөн - өйдөһөн олороллоро эбитэ үһү.
</<font size="4">Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан күндү манна мустубут төрөппүттэрбит, уб. Ыалдьыттарбыт, күҥҥэ тэҥнээх оҕолорбут уонна араас кыылчааннар!
Саҥа үөрүү кэһиилээх, саҥа дьылбыт кэлиитэ
Елка тула эргийэн, үөрэ - көтө оонньуоҕуҥ. -диэн туран Саҥа Дьыллааҕы утренникпытын саҕалыырбытын көҥүллээҥ.
1.-Билигин остуоруйа алыптаах дойдутугар ыалдьыттыаххайыҥ. "Куобах дьиэтэ".
_На7аа учугэй Остуоруйа кордубут. - Оҕолоор. Истиэххэ эрэ туох тыаһыырый. Арааһа Моруос оҕонньорбут торуоската тыаһыыр быһыылаах. Ыҥырыахха эрэ (Дед Мороз 3 раза).
Д.М - Дорооболоруҥ оҕолор. Миигин төһө күүттүгут. Наһаа үчүгэй остуоруйа толорбуккутун истэммин эһиэхэ ыаллардыы кэллим. Дьэ эрэ, хороводпутун тоҕо тардан кэбиһиэххэ.
Я. -Дьэ эрэ, елкабытын уматыаххайыҥ эрэ. Раз,два,три- наша елочка зажгись!
Наһаа учугэй харыйачаан араас өҥүнэн сандаарда.
-
Аны хороводка туруоххайыҥ. 2. Хоровод "В лесу родилась елочка".
Я.- Дед Мороз олорон сынньан. Ыраах сиртэн айаннаан кэллэҕиҥ. Биһиги оҕолорбут элбэх хоһоон, ырыа, үҥкүү бэлэмнээбиттэрэ.
3. Показ мод. Биһиэхэ араас сиртэн араас кыыллар кэлбиттэр. Көрдөрүөххэ эрэ ыалдьыттарбытыгар.
4. Ырыа." Тымныы оҕонньор"
5. Фонариктаах ункуу.
Д.М. - Миигин кытта оонньуоҕуҥ эрэ.
1. "Корзинаҕа хаардары быраҕыы"(.корзина, хаар.)
6. Хоһоон. "Саҥа Дьыл".
2. "Заморожу".( Үтүлүк, бубен). Д.М. -Оо. Олус да сылайдым. Сынньана түһүүм.
7. Ырыа. Далеко-далеко.
3. "У медведя во бору". Моруоһу кытта.
Д.М. - Мин уҥкүүлүөм олус кэллэ. Миигин кытта үҥкүүлүөххүт дуо оҕолоор. 8. "Пусть танцуют малыши" музыка. 4. "Снежинка быраҕыы. Ким ыраах быраҕар. Снежинки, 4 оҕо .
5. Хаар оҕо табыы. (Хаар оҕо, снег).
Д.М. - Оо, оҕолорбор подарок аҕалбытым. Бу кыылларым хаарынан колобок оҥорбуттара. Бу колобок төкүнүйэн подарок ханна баарын этэн биэриэхтэрэ. Колобогу тэбэн подарогы киллэрэллэр саһыллаах, куобах.
В.- Раз,два,три, подарок ханна баарын этэн биэр.(Колобок токунуйэр Подарок ханна баарын этэн биэрэр). Хоһоон эппит оҕоҕо Д.М подарок биэрэн иһиэ.
Биирдиилээн хоһооннору этэллэр.
Д.М - Наһаа үчүгэй хоһооннору иһиттим. Билигин салҕыы барыам, атын оҕолор күүппүттэрэ буолуо. Аны Эьиил кэлиибэр улаатан корсоорун! Покаларын оголоор!
В.- Манан Саҥа Дьыллааҕы утренникпытын түмүктүүбүт. Бу Эбисийээнэ сылыгар баҕарбыт баҕа санааларгыт барыта туоллуннар, үлэҕитигэр ситиһиилэри, би7иэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт.
Номера;
ООННЬУУГА НОВОГ, ЫРЫАЛАР НАДО - ВАС,ВАС.
МОДАГА ЭМИЭ,
-
Остуоруйа.2 дьиэ, саһыл- Я.Е.Д ,куобах -Паша , ыт- Аделина , бөрө-Айсен , эһэ- Юрина , бөтүүк- Катя.
2. Хоровод. "В лесу родилась елочка"
3. Показ мод. Маскарад.
4. Ырыа. "тымныы о5онньор"
5. Фонариктаах ункуу.
-1 оонньуу.
6. Хо7оон "Сана Дьыл"
--2 оонньуу.
-3 оонньуу.
8. Ункуу "Малыши".
Оонньуулар.
-
"Корзина5а хаар быра5ыы.
-
"Заморожу"
-
"У медведя во бору"
-
"Снежинка быра5ыы". Кто дальше?
-
Хаар О5о табыы.