- Учителю
- У дорҕоону билиһиннэрэр дьарык
У дорҕоону билиһиннэрэр дьарык
МБОУ "Тебюляхская средняя общеобразовательная школа"
"Ойуурга экскурсияҕа айаннааһын"
"Улахан" уонна "Орто" бөлөх (4-6 саас)
Алын сүһүөх учуутала Кириллина Е.П.
2016с
"Ойуурга экскурсияҕа айаннааһын"
(аһаҕас дьарык хаамыыта)
Оҕо ситимнээх саҥатын сайдыытыгар,
Билии-көрүү эйгэтигэр
4-6 саастаах оҕолорго ыытыллар дьарык
Байанай. Сэтинньи ый 18 күнэ, 2016 сыл
Тэрээһин соруга:
-
Ойуур кыылларын тустарынан оҕо билиитин кэҥэтии;
-
Кыыллар саҥаларыгар "у" дорҕоону истэргэ, уһун, кылгас аһаҕас дорҕоону араара үөрэтии;
-
көхтөөх хамсаныыны, көрөр-истэр, өйгө хатыыр үөрүйэхтэри, болҕомтону, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
-
айылҕаҕа харысхал сыһыаны үөскэтии
Тэрилэ:
Ноутбук, "Кыыллар саҥалара", "Ойуур тыаһа" дискэтэ, кыыллар ойуулара, кырыллыбыт кыыллар, презентация.
Инники үлэ: ойуур кыылларын туһунан сэһэргэһии, "Хайыһардыыбыт" хамсаныы, ойуурга сиэрдээхтик сылдьыы быраабылатын сэһэргэһии.
Дьарык хаамыыта:
I. Киирии: (2-3 мүн)
У: - Оҕолор, миигин кытта ким ойуурга барсыан баҕарарый? Онно тиийэн кыһыҥҥы ойуурга туох баар буоларын көрүөхпүт.
Бэлэмҥит? Онно тугунан барабыт - айаммыт ыраах ээ. (Учуутал ыйытыыларыгар оҕолор этиилэрэ).
-
Массыына иһигэр бары баппаппыт, элбэхпит.
-
Самолетунан көтөргө ойуурга порт суох,
-
Поеһынан барыахпытын тимир суол суох
-
Автобуһунан айанныахпытын ойуурга киэҥ суол суох.
-
Хайыһар кэтэн барыахха. Бары сатаан хайыһардыыгыт? Сатаабат оҕоҕо ким көрдөрүөй? Икки илиибитинэн, атахпытынан хамсанабыт, бардыбыт! (көрдөөх ырыа магнитофоҥҥа тыаһыыр, онтон ойуур тыаһын музыката иһиллэр).
II. Сүрүн чааһа: (13-15 мүн)
У:- Ойуурга тиийэн кэллибит. Тула өттүгүтүн көрүнүҥ! (экраҥҥа кыһыҥҥы хартыына, музыка...) Эчи кэрэтиэн! Чуумпуруҥ эрэ оҕолоор, иһиллээҥ эрэ. Кыһыҥҥы ойуурга олус чуумпу буолар. Ким да айдаарбат, тыаһаабат.
Салгына ырааһын! Ытыскытын нэлэтиҥ эрэ. Хаар кыырпахтара түстүлэр. Үрэн кэбиһиэххэйиҥ. (тыыныы эрчиллиитэ: "Үтүлүктэн хаары үрүү" - муннунан салгыны эҕирийэн баран айаҕынан таһаарыы).
Хачыгырыыр тыас иһиллэр. Талах быыһынан көрөллөр. Ханнык кыылы көрбүттэрин этэллэр. Мас төбөтүгэр тииҥчээн олорор.
У: - Онтон ити ыраах соҕус ханнык кыыл көстөрүй?
О: - таба, куобах, кутуйахтар уонна улар
У: Бу ханнык кыыллар буолаллар, оҕолоор?
О:- От-мас аһылыктаах кыыллар
У:- оттон бу ханнык кыылларый?
О: - саһыл, бөрө, хаххан, кырса
У: - ханнык улахан кыыл суоҕуй оҕолор?
О: - эһэ
У: - тоҕо?
О: - кини кыһын утуйар.
У: - Оттон бу туох кыылларый?
О: - сиэмэх кыыллар.
У: - Тоҕо сиэмэх дииллэрий?
О: - кинилэр атын кыыллары сииллэр.
Сынньалаҥ мүнүүтэ
Хаххан уонна куобахтар оонньуу. Түүн хаххан бултуур, куобахтар саһаллар.
У: - Оҕолоор миэхэ икки кыылтан сурук кэлбит. Кинилэр эппиттэр: Оҕолор баһаалыста биһиги саҥабытыгар ханнык дорҕоон иһиллэрин таайыахтара дуо? диэбиттэр. Хайа кыыллар эбиттэрий?
О: - Бөрө уонна хаххан.
У: - ким билэр бу кыыллар хайдах саҥаралларый?
Бөрө саҥатын ырытыы. У дорҕоону саҥарарга уоспут хайдах буоларый? Салгын мэһэйэ суох тахсарыгар уоспут анаан аан оҥорбут курдук. Салгын мэһэйэ суох тахсар буоллаҕына бу аһаҕас дорҕоон буолар.
-
Оттон хаххан хайдах саҥарар? Ким билэрий ханнык кыыл өссө у дорҕоону саҥарар? (Муу, ку-ку-ку.)
Оҕолор, бөрөбүт уонна хаххаммыт наһаа сөбүлээн куобахчааннары бултаһаллар. Куобахчааннарга кыһынын ити кыыллартан саһалларыгар туох көмөлөһөрүй?
О: - түүлэрэ маҥан өҥнөнөр.
Куобахчааннар кэллилэр. Кинилэри тоҥмот гына таҥастарын сылаас гына оҥоруохпут.
Кырыллыбыт куобах ойуутугар баатанан саҕынньах оҥорон сыһыарыы.
III түмүк түһүмэх: 3-4 мүн
Куобахчааннар үөрдүлэр. Тыа диэки сүүрэ турдулар.
-
Оҕолоор, мин ыйытыыларбар хоруйдааҥ (Байанай быраабылалары көрдөрөр - оҕолор хоруйдууллар)
-
Уоту оттуллубат.
-
Кыыллары, көтөрдөрү Уйалары алдьатыллыбат.
-
Ойуурга айдаарыллыбат.
-
Бөҕү ыһыллыбат.
-
Оту-маһы тоһутуллубат.
Б:-Маладьыастар! Быраабыланы билэр эбиккит!
У: - Улахан махтал, Байанай!
О: Байанай, улахан махтал! Ойуур кыылларын, олохтоохторун туһунан элбэҕи биллибит: кинилэри көрдүбүт, бөрө уонна хаххан саҥаларыгар дорҕоонун быһаардыбыт.
Б: -Итинэн бүппэт! Ойуур элбэх кистэлэҥнээх уонна таабырыннаах. Араас дьиктилэрдээх: харамайдар, көтөрдөр, сибэккилэр, мастар. Олор тустарынан билиэххитин баҕарар буоллаххытына - кэлэ сылдьаарыҥ! Эһигини үөрэ-көтө көрсүөҕүм! Дьиктини көрдөрүөҕүм!
У:- Ыҥырыыгыт иһин улахан махтал! Онтон биһиги төннөр кэммит тиийэн кэллэ! Оҕолор, хайыһаргытын кэтиҥ уонна айаммытыгар турунуохха! Бөлөхпүтүгэр төннүөххэ!
Б:-Көрсүөххэ дылы, оҕолор!
О: -Көрсүөххэ дылы! (иитээччи оҕолору кытта "хайыһардаан" көрдөөх музыкаҕа хааман тахсаллар).
Тэрээһин технологическай картата
1
Киирии түһүмэх: 2-3 мүн
Иитээччи "Кыһыҥҥы ойуур" диэн сюжетнай оонньууга оҕолору тардар
Оҕо иитээччи оонньууга көҕүтүүтүн ылынар, кинилиин сэһэргэһэр. Ыйытыыга хоруйдуур, оҕо бэйэтин билиитин сөргүтэр, толкуйдуур
Сэһэргэһии
Оҕо билиитин туһана үөрэниитэ, киһи ыйытыытыгар толкуйдаан баран сөпкө хоруйдааһына
2
Сүрүн түһүмэх: 13-15 мүн
1. Тыыныы эрчиллиитин толотторон сөпкө тыынарга үөрэтэр
2. Учуутал ойуурга сиэрдээх сыһыаны иитиигэ ойуулары көрдөрөн билиилэрин чиҥэтэр
3. "Ыллыкка" хамсаныылаах оонньууга кытыннарар, кыыллар тустарынан билиилэрин чиҥэтэр
4. Учуутал оҕоҕо куобахчаан ойуутугар баатанан саҕынньах оҥотторор, кыылы чуолкай билэргэ ааттатар
-Оҕо сөпкө тыыныы быраабылатын толорор
-Оҕо билиитин сөргүтэр, быраабыланы билэн тутуһууга учуутал ыйытыыларыгар хоруйдуур
Оҕо хамсаныылаах оонньууга баҕа санаатыттан кыттар; бэйэтин тылын байытар, саҥарар саҥатын саппааһын сайыннарар
Оҕо куобахчааҥҥа баатанан саҕынньах оҥороллор.
Ойуунан сэһэргэһии
Тыыныы эрчиллиитэ
Ойуунан сэһэргэһии
Хамсаныылаах оонньуу
д/о: "Куобахчааҥҥа саҕынньах кэтэрдии"
Бэйэтин билиитин тургутунар, толкуйдуур
Сөпкө тыынарга салгыы эрчиллэр
Киһи ыйытыытыгар толкуйдаан баран хоруйдуурга үөрэнэр Хамсаныылаах оонньууга көхтөөхтүк кыттар
Көрөр-истэр, өйгө хатыыр үөрүйэхтэрин, болҕомтотун, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар
3
Түмүк түһүмэх: 3-4 мүн
1. Учуутал оҕолорго ойуурга сиэрдээх сыһыаннаах буолууга тардар
2.Айылҕаҕа кыыллартан ураты атын олохтоохтор: харамайдар, көтөрдөр, үүнээйилэр баалларын биллэрэр, билиэн-көрүөн баҕарар санаатын тардар
-Оҕо учуутал этиитин ылынан сиэрдээх буолууга өйдөбүлү ылынар, сорудаҕы толорор
Оҕо айылҕа дьиктитигэр билиитин уһугуннарар, билиэн-көрүөн баҕата уһуктар
Сэһэргэһиинэн көҕүтүү
</<font face="Times New Roman, serif">Бэйэтин билиитин тургутунар, толкуйдуур
Истэр дьоҕура, болҕомтото сайдар
Билиэн-көрүөр баҕата уһуктар, айылҕаҕа сыһыана тупсар