7


  • Учителю
  • Биhиги армиябыт куустээх аhа5ас дьарык конспега

Биhиги армиябыт куустээх аhа5ас дьарык конспега

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

«Биhиги Армиябыт куустээх» аhаҕас дьарык былаана:



Дьарык сыала: дьарык бары коруннэринэн оҕолорго «Аҕа дойдуну комускээччилэр» теманы ойдотуу, чинэтии.

Дьарык соруктара: музыка характерын быhааралларын, билэр айымньыларын таайалларын ситиhии;

хамсаныылары музыканы истэн сопко онороллорун ситиhии;

оҕолорго Армия туhунан ойдобулу инэрии, байыаннай форманы билиhиннэрии;

ункуу хамсаныыларын улахан киьи кордордоҕунэ таба ункуулууллэрин ситиhии;

оҕолор ыллыылларыгар бэйэлэрин куоластарынан ыраастык, музыканы истэн ыллыылларын ситиhии; ырыа тылын сопко ыллыылларын чочуйуу;

музыканы таба истэн оонньууга сопко кытталларын ситиhии.

Дьарык сайыннарар соруктара:

- ырыа ис туругунан сопко хамсанан, музыкатын сопко истэн, ыллыыр дьоҕурдарын сайыннарыы;

- педагог биэрэр боппуруостарыгар соптоох эппиэти биэрэн, кэпсэтэр дьоҕурдарын сайыннарыы;

- толкуйдуур, айар дьоҕурдарын сайыннарыы.

Дьарык иитэр соруктара:

- музыка нонуо кэрэ иэйиини инэринэллэрин ситиhии;

- патриотизм тыынын инэрии.

Тыл суолтатын быhаарар улэ:

каска, пилотка, бескозырка, тельняшка, гюйс, летчиктар, моряктар.

Туттуллар тээбириннэр:

ноутбук, мультимедийнай проектор, экран, уруhуйдар.

Ыытыллар улэ:

«Мы шагаем как солдаты» - ырыаны истии, музыканан хаамыы;

«Аҕа дойдуну комускээччи» кунун, армия туhунан бэсиэдэ,

ырыа «Моряк буолуом» Н. Макарова тыла, мел., - хатылааhын;

«Моряктар»- ункуулэрэ, «Подводнай лодка» - оонньуу.

Дьарыгы ыытыы метода, приемнара:

Нагляднай (видеопрезентация), тылынан (бэсиэдэ, кэпсээн, быhаарыы), практическай (эрчиллиилэри оноруу), хайҕааhын, биирдиилээн улэ.

Дьарык ис тутула:

  1. Музыка истии, музыканан хаамыы «Мы шагаем как солдаты».

  2. Видеопрезентация «Биhиги Армиябыт», бэсиэдэ;

  3. «Моряк буолуом» - ырыаны ыллааhын;

  4. «Морской капитан» - хоhоон ааҕыы;

  5. «Моряктар ункуулэрэ» - ункуулээhин;

  6. «Подводнай лодка» - оонньуу;



- Дорооболорун оҕолор! Билигин биhиги уу - чуумпутук олорон ырыа истиэхпит. Ойдоон истээрин эрэ, туох туhунан ылланар эбит бу ырыаҕа?

Туох туhунан ылланар эбит?

- Маладьыастар,



- сотору кимнээх бырааhынньыктара буолар? Олунньу 23 кунугэр биhиги Аҕа дойдуну комускээччи кунун бырааhынньыктыыбыт, бу бырааhынньык байыаннайдар эрэ бырааhынньыктара буолбатах, бу кун биhиги аҕаларбыт, эhээлэрбит бырааhынньыктара эмиэ буолар эбит, кинилэр эмиэ Российскай армияҕа сулууспалаабыттара.

- Армия диэн тугуй, оҕолоор?

оҕолор: саллааттар, моряктар, летчиктар.

- Армия туохха наадалааҕый? Биhиги Ийэ дойдубутун, Россия бары куораттарын, дьоннорун остоохтор саба туhэллэриттэн комускуур, харабыллыыр соруктаах эбит.

- оҕолоор, саллааттар хайдахтарый? Кинилэри эhи хайдах корогут? Саллааттар тугу кэтэллэр? (форма) Туох сэрии сэптээхтэрий? (автомат, бэстилиэт). Тоболоругэр тугу кэтэллэр? (каска, пилотка). Кинилэр тугунан сылдьалларый?(сатыы, массыынанан, мотоциклынан, танканан, самолетунан уо.д.а )



Видеопрезентация:

«Военнай форма» - корун эрэ бу хартыыналары: бу кимнээҕий? (байыаннайдар, биhиги армиябыт саллааттара)

- ойдоон корун эрэ, кинилэр танастара атын - атын буолар эбит дии.

Бу кимнээҕий? (десантниктар )Оттон бу кимнээҕий? (танкистар)…..

- Бу кимнээҕий? (моряктар), моряктар диэн хантан биллигит? биhиги бугунну дьарыкка Моряктары кытта ыкса билсиэхпит.

Танастара хайдах эбитий? (хара формалаахтар, тоболоругэр ленточкалаах бескозырка бэргэhэлээхтэр, эриэн тельняшкалаахтар, матросскай саҕалаахтар эбит - гюйсы диэн ааттанар).

- Эьиги бугун ким буолан олорогут? Моряктар.

билигин «Моряк буолуом» диэн ырыабытын ыллыахайын эрэ.

- маладьыастар, бугун биhиэхэ улахан болох иитиллээччилэрэ куулэйдии кэллилэр. Кинилэр эhигини кэлэн иhэр Аҕа дойдуну комускээччилэр куннэринэн эҕэрдэлииллэр уонна эhиэхэ «Будь защитником Отечества» диэн хоhоону бэлэхтииллэр.

Хоhоон «Будь защитником Отечества».



- Оҕолоор, махтанан таhыныаххайын эрэ.

- билигин шумовой оркестрга «Яблочко» диэн музыканы оонньоон иhитиннэриэххэйин эрэ (бубеннар, маракастар, погремушкалар, ложкалар, чуораанчыктар).



«Моряктар ункуулэрэ» - кругка туран ункуулээhин.

- музыкабытын сопко истэн миигин кытта тэннэ хамсанан ункуулуубут.



- маладьыастар, оҕолор бугунну дьарыкка туох сананы биллигит? Ханнык байыаннай чаастар бааллар эбит? (танкистар, моряктар, артиллеристар, десантниктар). Бугун дьарыкка бары учугэйдик кытынныгыт, биhиги уолаттарбыт улааттахтарына эмиэ Армияҕа сулууспалыы барыахтара - биhигини, торообут дойдуларын, Бутун Россияны комускуохтэрэ турдаҕа дии. Сарсын утренника ырыаларгытын учугэйдик ыллаарын, кыттаарын.





Аhаҕас дьарык сценарийын суруйда:

муз.салайааччы Черкашина А.Д,







 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал