7


  • Учителю
  • Сценарий последнего звонка (9класс)

Сценарий последнего звонка (9класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Тиьэх чуораан.



Буолар сирэ: ------------------------

Буолар кунэ: ыам ыйын 24 кунэ, 2010 сыл

Алтан чуораан дьону уордэн,

Айхаллыырдыы чугдаарар,

Алгыс этэн, дьолу тустээн,

Дууьабытын долгутар.

-Утуо кунунэн, кунду уорэнээччилэр, учууталлар, тороппуттэр уонна убаастабыллаах ыалдьыттар!

Хас сылын ахсын ыам ыйын 24 кунугэр биьиги уерэнээччилэрбит, выпускниктарбыт тиьэх чуорааннарыгар бары мустабыт.

Быйылгы 9-с кылаастар торообут оскуолаларыгар ____ выпуск буолаллар.

Дохсун ытыс тыаьынан керсуеххэйин биьиги выпускниктарбытын, 9-с кылаас уерэнээччилэрин:

_____________________________________

Тиьэх чуораанна аналлаах торжественнай линейканы аьыллыбытынан аа5абын. (гимн тыаьыыр)

-Кунду выпускниктар! Бугун кэтэьиилээх «Тиьэх чуораан» бырааьынньыгын кунэ тиийэн кэллэ. 9 сыл тухары эьиги 20 тыьыынчаттан тахса чуораан тыаьын истэн, 12 тыьыынча уруокка уерэнэн, 120-тэн тахса учебниктарынан туттан кэллигит. Чуораан тыаьа сибэкки букета тутуурдаах аан бастаан оскуола боруогун атыллаан, маннайгы учууталгытын кытары бастакы уруокка уорэнэ барбыккытыттан са5алаан, 40 мунуутэлээх собулуур уруоккутуттан эмискэ быьан эбэтэр кэтэьиилээх каникулгутугар ыныран, араастык лынкыныы тыаьаан кэллэ. Оттон бугунну чуораан олох атын, тиьэх тереебут оскуолатаа5ы чуораан.

Кунду выпускниктар, эhиги олоххут улахан оттун бу оскуола истиэнэлэригэр атаардыгыт. Суурбут-коппут, арыт уорбут да хомойбут да тугэннэргит, дьоллоох о5о сааскыт ааспыт, торообут кунду оскуола5ыт эhигини олох киэн аартыгар атаарар. Оскуола эhигини сиэрдээх, утуо майгылаах буоларга ииттэ, эhиэхэ киэн билиини биэрдэ. Ол билиини эhиги хайдах туhанаргыт билигин бэйэ5ититтэн эрэ тутулуктаах. Билии иннигит диэки салгыы сайдаргытыгар, уунэргитигэр акылаат буолар. Эhиги мантан тугу инэринэн барбыккытын, тугунан торообут кыhа5ытын ааттатаргытын олох кордоруо.

Тыл бэриллэр _______________________ оскуолатын директорарыгар ___________________________________.(приказ аа5ыллар, футболка туттарыллар, грамоталар бэриллэллэр, ленталарын кэтэрдэр)

Сэттэ5итин туоланныт

Сиэттиьээхтээн кэлбиккит

Умсугуйан уерэнэ

Умнуллубат утуе кун.

Оскуола5а уорэммит сыллара ханнык ба5арар киьиэ5э умнуллубат,оло5ун саамай кэрэ кэмнэрэ буолара саарба5а суох. Ол курдук хас биирдиибитигэр кунду киьинэн буолар- маннайгы учуутал. Маннайгы учууталгыт ______________________ э5эрдэ телеграмматын аа5ан иьитиннэрэрбин кенуллээн. (телеграмма аа5ыллар)

Кунду о5олорум!

Эьиги то5ус сыл устатыгар биир оскуола иьиттэн ей-билии ылан элбэх ыарахаттары керсен оскуола5ытын тумуктээн эрэр кэмнит дьэ тиийэн кэллэ! Мантан салгыы эьигини керсуехтэрэ, эьиги ылбыт билиигитин бэрэбиэркэлиир экзаменнар. Эьиги онно иннигитин туран биэрбэккэ тэнник курэстэьэн кыайан-хотон, то5ус сылгытын тумуктээбиккитин бэлиэтиир докумуон хаьаайына буоларгытыгар ба5арабын. Этиэм этэ эьиэхэ : экзаменнытыгар урдук ситиьиилэри, кыайыыны-хотууны, урдук уерэ5и уонна кытаанах доруобуйаны. Уонна маннайгы учууталгытын кытары миигин ейдуу-саныы сылдьын диэн сэмэй бэлэхпитин туттарарбын кенуллээн. (подарки в студию)



Быйыл алын суьуе5у тумуктууллэр 4-с кылаас уерэнээччилэрэ: _________________________________________________________________, э5эрдэ тыл бэриллэр кылаас салайааччытыгар __________________________. (лента, диплом). Маннайгы учууталларын ааттарыттан э5эрдэ тылы биллэрэр ___________________.(телеграмма аа5ар).



Сыллар суурук курдук

Сылбыр5атык усталлар,

Дьыллар долгун курдук

Дьиримнэьэн ааьаллар.

О5о сааспыт ол курдук

Ааьан бутэн эрдэ5э,

Олох мындыр суолугар

Айанныыргыт кэллэ5э.

Э5эрдэ тыл бэриллэр маннайгы кылаас уерэнээччилэригэр, 2-с, 3-с, 4-с, 5-с, 6-с, 7-с, 8-с.(номера бардылар).



Талыы кэрэ кыргыттар

Долгулдьуьа уста5ыт,

Толуу уолан уолаттар

Дьоьумсуйа хаамса5ыт.

Ханнык идэ талынан

Таба суолу тайанан,

Хаьан ханна тиийэннит

Тохтоон Дьолу була5ыт.

Билигин куех халлаанна араас еннеех, арасс идэлээх шариктар ерутэ кетуехтэрэ. Ону Дьыл5а Хаан уеьэттэн керен олорон хайа о5о5о хайдах идэни анныырын, хайдах идэ сеп тубэьэрин бу шариктары таламмыт билиэхпит..) бу шариктары биирдии тутанныт тэьэ5ит уонна ким туох буоларын быьаарыахпыт. (шарик ыьабыт, талаллар, о5олор микрофона кэлэн этэллэр)



Эьигини куруутун ийэ эйэ5эс сурэ5э, а5а муударай субэтэ арыаллаатыннар. Тороппуттэргит курдук утуо суобастаах, убаастанар улэьит дьон буоларгытыгар ба5арабыт. Тыл бэриллэр выпускниктар торопппуттэрин ааттарыттан ____________________________

-Кунду выпускниктар! Билигин эьигини э5эрдэлиэхтэрэ уонна алгыстарын аныахтара

Муударай суругу биллэрбит,

Угускэ -кэрэ5э уьуйбут,

Урдуккэ -ыраахха угуйбут,

Убаастабыллаах учууталлар.

Учууталлар ааттарыттан тыл бэриллэр _______________________.

-Бугунну уоруулээх тугэннэ выпускниктары э5эрдэлии кэллилэр - тэрилтэлэр.

-Тыл бэриллэр олохтоох дьаьалта баьылыгын солбуйааччытыгар ____________

- Тыл бэриллэр

-Тыл бэриллэр.

-Тыл бэриллэр

- Тыл бэриллэр.

-Тыл бэриллэр

- Билигин тылы биэрэбит бугунну «Тиьэх чуораан» бырааьынньыгын буруйдаахтарыгар, 2010 сыл выпускниктарыгар.

-Выпускник: Кунду учууталларбыт! Биьиги бугун, тиьэх чуораан чугдаарар долгутуулаах кунугэр эмиэ да уорэбит эмиэ да хараастабыт. Эьиги, биьиги учууталларбыт,

Биьигини наука торуттэригэр эрэ буолбакка, чиэьинэй, кырдьыксыт, утуо сансаалаах дьон буола улаатарбытыгар уорэттигит, ииттигит. Торообут оскуолабыт, уорэппит учууталларбыт, оруутун биьиги ойбутугэр- сурэхпитигэр мэлдьитин хаалыаххыт. Ханна да тиииийбиппит иьин торообут нэьилиэкпит, оскуолабыт аатын туьэн биэриэхпит суо5а. Бары выпускиниктар ааттарыттан эьиги сыралаах утуо улэ5ит иьин улахан махталбытын тиэдэбит.!

Ыччаты кэскиллээх онорбут,

Уорэххэ кынаттаан уьуйбут,

Ып- ыраас дууьаны инэрбит,

Утуону - кэрэни уорэппит,



Учуутал киьибит махталлан!.

(хоьооннорун аа5аллар)



Ведущий:

-Убаастабыллаах учууталлар! Билигин эьиэхэ тохсус кылаастарбытейдуу-саныы сылдьаргытыгар бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин, номинацияларын, туттараллар.

  1. За моральную поддержку. - _______________

  2. За неординарность мышления - _________________

  3. За принципиальность и требовательность ________________

  4. За доброту и любовь ____________

  5. За преданность своему делу - ___________________

  6. За честь и достоинство - ______________

  7. Наша вторая мама - ______________

  8. За оптимизм и жизнелюбие - ______________

  9. За обояние и красоту - _____________________



-Уоруунэн, корунэн толору

Урэммит оскуолам быраьаай

Лынкынас чуораанчык артыстаах

О5о саас сыллара быраьаай!

</ -Саамай долгутуулаах тугэммит тиийэн кэллэ. Тиьэх чуораан эьиги о5о сааскытын уонна инники олоххутун ситимниир суолталаах. Хас биирдигитигэр эргиллибэт кунду ойдобул буолан, комус чуораанынан чугдаара лынкынаан, оонньуу кор аргыстаах оскуолатаа5ы, о5о эрдэ5инээ5и сылларгытын санатан ааьыа5а. Тиьэх чуорааны тыаьаталларыгар кодоьобут 2010 сыл выпускниктарыттан ___________________________, маннайгы кылаас уерэнээччилэриттэн_____________ . (биирдэ эргийэллэр)

.

-Кунду до5оттор, аны а5ыйах хонугунан биьиги выпускниктарбыт гос. экзаменнарын туттарыахтара. 9 сыллаах улэлэрин тумуктуур отчуоттара буолаары турар.. Экзамен-тургутан коруу, элбэх билиини, хорсун санааны эрэйэр, куустээх улэ куутэр.

(Ырыа ыллыыллар)

-



 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал