- Учителю
- Авторская программа по воспитательной работе с обучающимися 5-9 классов ХоЬоонноохтук аа5ыы – айымньы ис киэлитигэр киирии
Авторская программа по воспитательной работе с обучающимися 5-9 классов ХоЬоонноохтук аа5ыы – айымньы ис киэлитигэр киирии
МКОУ «Егенская основная общеобразовательная школа»
МР «Томпонский район»
Авторская программа по воспитательной работе с обучающимися 5-9 классов
«ХоЬоонноохтук аа5ыы - айымньы ис киэлитигэр киирии
Ударник - 2014
1 олук. Быhаарыы сурук
Билигин уус-уран литератураны уерэтиигэ уерэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэн таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, о5о хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ылыныытын хааччыйар сорук турар. Бу сорук ситиhиллэр эйгэтэ уескээтэ5инэ эрэ, уерэнээччи литература уруогар айымньылаахтык толкуйдуур, улэлиир кыахтанар, кини ейе-санаата, иэйиитэ сайдар суолга киирэр.
Хоhоонноохтук аа5ыы диэн айымньы сурун санаатын, иэйиитин, ис номо5ун биэрэн, кэрэхсэбиллээхтик аа5ыы.
Уус-уран тылы кытта дьаныардаах улэ тумугэр аа5ааччы айымньы сурун санаатыгар, ис номо5ор диринник киирэр, суруйааччы ейун-санаатын, иэйиитин уллэстэр, тиэкис хас биирдии тыла, ойуулааhыннара, уобарастара киниэхэ тус бэйэтигэр тиллэн, суолталанан бараллар - тиhэ5эр кини айымньыга ойууланар оло5у автор хара5ынан керер кыахтанар.
Айымньы ис номо5ун ырыналааhын аа5ыыттан, ис хоhоонун ейдееьунтэн, ылыныыттан са5аланар. Онтон ис номо5ор киирии тыл, этии, кэрчик, тугэн этэр ис санаатын ырыналааhынынан ситиhиллэр. Айымньы хас биирдии тыллара уус-уран суолталаахтар, этии тутула, тыллар наарданыылара - барыта санаа, иэйии чуолкайдык, куустээхтик этиллиитигэр туhуланаллар.
Хоhоонноохтук аа5ыынан дьарыктаныы билинни кэмнэ маннык сыалы-соругу туруорар:
- айымньыны сэргээн, кэрэхсээн, ейдеен аа5арга уерэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туhанарга туhулааhын;
- ийэ тыл уус-уран кууьун, кэрэтин, тыл илбиhин, хомуhунун о5о кыра сааhыттан инэрии;
- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туьанан тереебут норуот оло5ун, историятын, култууратын, угэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киьи аналын, оло5у диринник, таба ейдуургэ уерэтии;
- тереебµт тылынан уус-уран айымньы айыллар угэьин, кистэлэнин, араас ньыматын билиhиннэрии;
- уерэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аhыы;
- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын ейдетуу.
Программа сурун сыала кини соруктарын быьаарар, олортон суруннэрэ манныктар:
- аа5ыы култууратыгар дьулуьуу, аа5ааччыны иитии;
- уус-уран айымньыны о5о тус суолталаахтык эстетическэй таьымынан ылынар дьо5урун сайыннарыы;
- тереебут норуотун духовнай кууьунэн ийэ тыынын иитийэхтээбит сахалыы саІнаах, айыы тыыннаах киьини иитии;
- бииргэ олорор аймах, уруу омуктар (эбээн, эбэнки, юкагир, долган, о.д.а.), нуучча уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын утуе тыынын инэриммит, норуоттар утуе, до5ордуу сыьыаннаьыыларын олох сайдыытын тутулун курдук ейдуур киьини иитии.
- уерэнээччигэ айарга уерэнэр, холонор кыа5ы биэрии, тэрийии, септеех уеруйэ5и, сатабылы инэрии, дьо5ура сайдарыгар ирдэбил туруоруу.
2 - 3 олук. Хоhоонноохтук аа5ыыга уерэтии барыла
(34 чаас)
Тема
Чааhа
Yерэтии ис хоhооно
Былаан
кµнэ
Ыытыл
кунэ
1
Уус-уран аа5ыы туhунан уопсай ейдебул
1
Уус-уран аа5ыы диэн тугуй? Киhи ейе-санаата, тыла-еье сайдыытыгар суолтата. Норуот тылынан айымньытыгар уус-ураннык санарыы сайдыыта
2.09.14
2
Тыыныы, куолас, дикция.
2
Тыыныы киhи оло5ор, санарарга суолтата. Тыыны ылыы, тыыны таhаарыы уратылара. Уус-уран айымньыны дор5оонноохтук аа5ыыга тыыныы оруола. Куолас силгэлэрин туhунан уопсай ейдебул. Тыыныыны уонна куолаhы эрчийии санарар сана чуолкай уонна ыраас буолуутун хааччыйыыта.
9. 09
16. 09
3
Тыл. Тылынан дьайыы
2
Тыл диэн тугуй? Биирдиилээн тыллар, этиигэ киирбит тыллар уратылара. Охсуулаах тыллар. Этиилэр араастара, санарыы интонациялара. Тылынан дьайыы. Олоххо кэпсэтиигэ, уус-уран аа5ыыга истээччилэргэ тылынан дьайыы уратылара.
23. 09
30. 09
4
Тохтобул (партитурнай бэлиэлэр).
1
Тохтобул туьунан уопсай ейдебул. Сурук бэлиэлэрин суолталара. Логическай, психологическай тохтобуллар.
7. 10
5
Айымньыны кэрчиктэргэ араарыы
2
Уус-уран айымньыны ис хоьоонунан керен, суолталаах кэрчиктэргэ арааартааьын. Кэрчиктэри ааттаталааьын айымньы сурун ис хоьоонугар туьуланыыта. Кэрчиктэри, уус-уран аа5ыы соруктарын быьаарыы.
14. 10
21. 10
6.
С.Данилов «Тереебут тыл» хоhоонун аа5ыы.
1
Хоhоону уус-ураннык аа5арга холонуу; интонацияны тутуhуу; эрдэ уерэппиккэ тирэ5ирэн аа5ыы;
28. 10
7
Ейге онорон керуу
2
Айымньыны уус-уран аа5ыыга бэлэмнээьиннэ ейге онорон керуу, харахха хартыына, киинэ курдук керуу суолтата. Ейге онорон керууну, харахха ойуулаан керууну сайыннарыыга эрчиллиилэр.
11. 11
18. 11
8
Поэттар хоhооннорун уерэтии
1
- поэт айымньыларын хоhоонноохтук аа5арга уерэнии; айымньы ис хоhоонун истээччигэ тириэрдии.
25. 11
9
Уус-уран айымньы ис номо5о
2
Уус-уран айымньы ис номо5ун (подтекст) туьунан ейдебул. Ис номо5ун быьаарыыга айымньы тылын-еьун, тутулун ырытыы суолтата. Ис номо5о айымньы этэр санаатын, идеятын кытта сибээьэ. О5олор кылааска уерэппит айымньыларын ис номо5ун быьаарыыга эрчиллиилэр.
2. 12
9.12
10
Айымньыны уус-уран аа5ыы «тµгэх сыала»
2
Айымньыны уус-ураннык аа5арга бэлэмнээн ырытыы тумугэр идейнэй ис хоьоонун арыйарга аналлаах аа5ыы «тµгэх сыала»быьаарыллар. О5олорго уерэппит уус-уран айымньыларын аа5ыы «тµгэх сыалын» булларыы.
16.12
23. 12
11
Ес хоьооннорун уонна таабырыннары уус-ураннык аа5ыы
2
Ес хоьоонноро уонна таабырыннар сытыы, хомо5ой ис хоьоонноро. Ис хоьоонноро санарыы интонациятыттан тутулуктанан уларыйыылара. Текскэ охсуулаах тыллары уонна тохтобуллары булларыы. Ес хоьооннорун уонна таабырыннар ис номохторун арыйтара уерэтии.
13. 01
20. 01
12
Остуоруйалары уус-уран аа5ыы
3
Остуоруйа тылынан кэпсээьиннэ анала. Остуоруйа ис хоьоонун кэпсээьиннэ бэлэмнэниигэ ейге онорон керуу, харахха хартыына, киинэ курдук керуу суолтата. Остуоруйаларга быьаччы мэтириэттэрэ ойууламматах геройдар дьуьуннэрин тылынан ойуулаан керуу.
3. 02
10. 02
17. 02
13
Хоьооннору уус-уран аа5ыы
3
Хоьоонунан айымньы ритмин туґунан ейдебул. Хоьооннорго охсуулаах тыллары, тохтобуллары булларыы. Хоьоон ис хоьоонун тылынан кэпсэтии, автор этэр санаатын быьаартарыы. Хоьоону ейтен аа5а уерэнэргэ санааны, иэйиини аа5ааччы ылыныыта уонна ойууланар хартыынаны, тугэни ейге онорон керуу суолтата.
24. 02
3. 03
10. 03
14
«Уол о5о - норуот кэскилэ» уус уран аа5ыы
1
- киэн эйгэ5э хоhоон аа5арга холонуу; этэр санааны истээччигэ тиэрдии; аа5ыы ньымаларын таба туhаныы.
17. 03
15
Кэпсээнинэн суруллубут айымньылары
уус-ураннык аа5ыы
3
Кэпсээнинэн суруллубут уус-уран айымньылары аа5ыы сурун уратылара. Охсуулаах тыллары, тохтобуллары булларыы. Уус-ураннык кэпсээьин уонна аа5ыы уратылара. Ис хоьоонунан керен суолталаах кэрчиктэргэ араартарыы уонна ааттаталааьын. Кэрчиктэри ааттаталааьын айымньы сурун ис хоьоонугар туьуланыыта. Кэрчиктэр ис хоьооннорун уус-ураннык кэпсэтии.
7. 04
14. 04
21.04
16
Чабыр5ахтары уус-уран аа5ыы
2
Чабыр5ах ейдебулэ.Чабыр5ахтар араастара. Саха чабыр5ахсыттара. Сурун ис номо5ун быьаарарга эрчийии. Чабыр5а5ы аа5ыы сурун уратылара.
28. 04
17
Олонхону уус-ураннык аа5ыы
3
Олонхо - улуу айымньы, киьиэхэ гимн. Олонхону толоруу. Олонхоьуттар. Олонхо сурун кэрчиктэрин этэр ис номохторун, тылын-еьун, поэтикатын, этиллиитин уратыларын ырытыы. «Куллугураччы» (речитатив) ньыматынан олонхону аа5ыыга эрчиллии.
5. 05
12. 05
19. 05
18
Уус-уран аа5ыы (тумуктуур дьарык)
1
Уус-уран композиция бэлэмнээн кердеруу; ылбыт билиигэ тирэ5ирэн, хоhоонноохтук аа5ыы.
26. 05
4 олук. Дьарык тумук ситиhиитэ
Уус-уран аа5ыынан дьарыктаныы:
- аа5ааччыны айымньы ис айылгытыгар киллэрэр,ейун-сурэ5ин тумэр, суруйааччы курдук уйул5а хамсааhыныгар, иэйии араас умсул5аныгар тиэрдэр;
- уерэнээччилэр айымньылаахтык аа5ар, санарар, толкуйдуур, айар дьо5урдара сайдыытын ке5улуур.
- тыл искусствотын эстетическэй кууьэ ураты бол5омто5о ылыллар, айымньы эстетическэй сурунэ кини биллэрэр, иитэр, сайыннарар кыахтарын барытын тумэр.
- о5олор айар улэ алыбыгар ылларан, уус-уран айымньы ис киэлитигэр киирэллэр, аа5ар, ырытар, толкуйдаhар ба5алара улаатар.
- уус-уран айымньы ис номо5о, тылын кууьэ, этиитин эгэлгэтэ - барыта аа5ааччы бол5омтотугар ылыллар.
</
9. ¥³рэх предметин материальнай-техническэй іттµнэн хааччыйыы
№
Тµhµмэх, тема
чааhа
Уруок
тиибэ
Yірэтии
сыала-соруга,
ис хоhооно
Yірэх
дэгиттэр
µірµйэхтэрэ
(УУД)
Тµмµк
ситиhии
Дьиэ±э
µлэ
Уруок
былаан.
кµнэ
Уруок
ыытыл.
кµнэ