- Учителю
- Комо матырыйаал 'Петр Николаевич Тобуруокап'
Комо матырыйаал 'Петр Николаевич Тобуруокап'
Петр Николаевич Тобуруокап туьунан о5олорго кылгастык
Петр Николаевич Тобуруокапка аналлаах дьиэ кэргэн викторината
-
Петр Тобуруокап хас сыллаахха, ханнык улууска тереебутэй? (Уеhээ Булуу улууhугар Ороhу нэhилиэгэр 1917 с.)
-
Оскуола5а киириэн иннинэ ким буукубаны аа5арга уерэппитэй? (Чооруос диэн уол)
-
Петр Тобуруокап о5олорго аналлаах кинигэлэрин ааттаталаа.
(Буукубалар мунньахтара, Чацый ча5аан, Лыах, Мацан тииц., Ытанньах герой буолбат, Тиэргэннээ5и зоопарк, Бур5аллай, Сиибиктэ, Чабыр5ах азбука,Чыычаахтар куну керселлер, Куннуун оонньуур куерэгэйдэр, Тыа5а олорон, Сайын ханна барабын.)
-
Суруйааччы чугас до5оро, мелодист, ырыаhыт кимий? (Христофор Максимов)
-
Поэт о5о эрдэ5инээ5и таптал аата ким диэний? То5о итинник ааттаабыттарай? (Бочойо. Быыка сылдьан, ааhан иhэр бандьыыттартын куотан, суурэн бочой да бочой буолар эбит. )
-
А5а дойду улуу сэриитигэр кини тугунан сылдьыбытай? (Пулеметчигынан)
-
Поэт туох идэлээх этэй? Ол идэтинэн хас сыл улэлээбитэй? ( Учуутал. 33 сыл.)
П. Н. Тобуруокап о5олорго хоьоонноро
-
а) Кып-кыра
Чычып-чаап
Хап-хара
Харахтаах Хоһоон аата? ( «Чычып-Чаап»)
б) Эрдэ турбут ођолор
Элбэхтик да оонньууллар,
Хойут турар ођолор
Куоттараахтаан ытыыллар. Хоһоон аата? («Эрдэ турбут ођолор»)
в) Улаатарым буоллар мин
Оскуолађа, барыах этим,
Кинигэбин, тэтэрээппин
Киртиппэккэ тутуох этим. Хоһоон аата? («Улаатарым буоллар мин»)
-
Зарядканы сатаабат -
Сарсыарданы таптаабат.
Зарядканы онорбот -
Сааьын ситэ олорбот.
Зарядкаьыт о5олор -
Уэрэххэ да туйгуннар,
Улэ5э да бастыннар.
П.Тобуруокап
2. До5ордоьуу тойуга
До5ордуу дьонно
Ыарахан чэпчиир
До5ордуу дьонно
Ыраах да чугаьыыр
Ким хорсун до5ордоох
Ол дьоллоох
До5ордуу дьонно
Тымныыга сылаас
До5ордуу дьонно
Куйааска серуун
До5ордуу дьону
Дьон - сэргэ таптыыр
До5ордуу дьону
Ийэ сир хайгыыр
-
П.Н.Тобуруокап хоьоонноро
Дьааьыктаах дьэдьэни харыстаа -
Дьиэбэр ийэбэр
Дьэдьэммин илдьиэ5им,
Дьиэбэр эдьиийбэр
Дьэдьэнтэн бэрсиэ5им.
П. Тобуруокап
Нонна мунна ханнаный? 4. Куьунну хаьынтан,
- Нонна мунна манна! Кыьынны чысхаантан
- Нонна санна ханнаный? Тиин - тиин барахсан
- Нонна санна манна! Кыьаммат,
- Нонна соно ханнаный? Куттаммат.
- Нонна соно манна! Кэп туулээх танастаах,
- Нонна бэйэтэ ханнаный? Кэй элбэх хаьаастаах,
- Нонна бэйэтэ манна! Тиин - тиин барахсан
П.Тобуруокап Тэрэнниир,
Чэрэнниир.
П.Тобуруокап
5. Дорообо, куерэгэй,
Тойуксут чыычаа5ым,
Куппахтаа сурэхпэр
Теленнуур ырыа5ын!
Ейдуугуен, мин эмиэ
Ыллаьыах буолбутум,
Кундуттэн кундуну
Оло5у туойбутум.
6. Мэнигийээн Мэникчээн
Мэнигийээн Мэникчээн
Михайлов Силипчээн
Оскуолаттан тахсаатын
Олбуор аанын аьаатын
Ойуоккалыыр, ыьыытыыр
О5олору хатайтыыр.
Ити ыты сырыста
Илби туьэн арахта
Ол куосканы батыста
Уонна хаста о5утта
Хаатынката баллайда
Хайыьардыы хантайда
Киэьэ тиийэн кэлбитэ
Ийэтигэр киирбитэ
Уолуктара нэлэстэр
Тимэхтэрэ мэлистэр
ИЛБИ - улту УОЛУК - моой терде
-
«Баай» о5о
Сиидэркин туеьугэр,
Сэттэ а5ыс сиэбигэр
Бартыбыал иьигэр
«Баай» диэн улугэр
Токуйбут тоьо5о
Килиэп тобо5о
Дьэбиннээх ылтаьын
Тиит мастан хаптаьын
Кэнсиэрбэ баанката
Хоруопка хаппа5а
Алдьаммыт бытыылка
Араас уон балыынка!
Сиэптэрин айа5а
Сиритэ барбыттар
Бартыбыал муннуга
Тэьиттэн хаалбыттар
Баайдара, маллара
Барыта быкпыттар
Тэтэрээт, кинигэ
Сордоммут киьитэ
Ус хонук иннинэ
Урэллэр «бэйэтэ»