7


  • Учителю
  • Рабочая программа по внеаудиторной деятельности 'Тыл оhуора' (4 класс)

Рабочая программа по внеаудиторной деятельности 'Тыл оhуора' (4 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

МР «Верхневилюйский улус (район)»

МКУ «Управление образования»

МБОУ «Дюллюкинская СОШ»


«СОГЛАСОВАНО»

зам. директора по УР:

_____________ /Санникова С.П../

« ___ » _____________ 2015г.

«РАССМОТРЕНО» на заседании МО

Протокол № ___

рук. МО нач. классов:

« ___ » ____________ 2015г.

«УТВЕРЖДЕНО»

директор школы:

________ /Кардашевский С.Н./

« ___ » _____________ 2015г.


Рабочая программа

по внеаудиторной деятельности

«Тыл оһуора»

(общеинтеллектуальное направление)

для 4 класса

на 2015 - 2016 учебный год




Учитель начальных классов:

Тимофеева Татьяна Михайловна,

педстаж 28 года,

высшая квалификационная категория.


2015



Быһаары сурук

Тѳрѳѳбүт тыл - кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык ѳйдѳбүллэриттэн ( сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Тѳрѳѳбүт тыл - о5о5о тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр - кѳрѳр, чугас дьонун - сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, ѳйѳ - санаата сайдар, ѳбүгэтин үѳрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.

Тѳрѳѳбүт тыл атын үѳрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку ѳттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили - үѳрэнээччигэ үѳрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр. Ийэ тыл баайын итэ5этэр, тыл эгэлгэтин билиһиннэрэр үлэни уруогу таһынан «Тыл оһуора» дьарыкка ыытыахха сѳп.

«Тыл оһуора» дьарык сүрүн сыала:

- тыл араас оонньуутун уонна уус - уран айымньы нѳҥүѳ о5о тылын саппааһын байытыы, уйул5аны хамсатан иэйиини уһугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үѳскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы.

Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:

- уус - уран айымньы тылыгар бол5омтолоох буолууну ситиһии;

- айан кэпсиир уонна суруйар үѳрүйэхтэри сайыннарыы;

- наадалаах литератураны булан туһаныы;

- элбэҕи билэ-көрө сатыырга угуйуу;

- төрөөбүт тылы били, харыстааһын, сайыннарыы сүрү ньымаларыгар үѳрэтии.

«Тыл оһуора» программа ис хоһооно

«Тыл оһуора»дьарык манны ис хоһоонноох буолар:

Саҥаны уонна аа5ыы үлэтин кѳрүҥнэрэ - туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга, былааннаан саҥарар, уус - уран ньыманы туттар, айымньыны ѳйтѳн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.

Сурук. Суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сѳп түбэсиһиилэригэр( тиэмэ, кэпсэнэр сир, герой быһыыта майгыта), тэттик ѳйтѳн суруйууга ( ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун) уус - уран ньыманы ( синоним, антоним, тэҥнээһин) туһанарга, бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл оҥоророго үѳрэнэр.

Үѳрэнээччи айар үлэтэ. Тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ ѳйтѳн суруйарга, айар үлэтинэн араас тэрээһиннэргэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.

Тыл араас оонньуута. Тыл эгэлгэтин билэргэ, ѳйдүүргэ, тылы имитэ - хомута туттарга үѳрэнэр. Тыл оонньууларын оҕо бэйэтэ айар уонна тэрийэн ыытар сатабыла сайдар.

«Тыл оһуора» дьарыкка үѳрэтии түмүктэрэ

«Тыл оһуора» кууруһу үѳрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ѳйдѳбүллэри иҥэриннэҕинэ, тѳрѳѳбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сѳп.

- Тѳрѳѳбүт тыл тѳрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус уран айымньытыгар уонна литература5а сѳҥмүтүн билэр.

- Тѳрѳѳбүт тылын сайыннарар, кэлэр кѳлүѳнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чѳл туруктаах буоларыгар тус орулллааҕын ѳйдүүр.

- Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар - сайдар тыл буоларын ѳйдүүр.

«Тыл оһуора» дьарыкка үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

Бэйэни салайынар - дьаһанар сатабыл.

- Тылын сайыннарар сыалы - соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр.

- Бэйэтин саҥатын сайыннарар баҕаны үѳскэтэр.

- Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.

Билэр - кѳрѳр сатабыл.

- Тѳрѳѳбүт тылын үѳрэтэригэр сыал - сорук туруорунан кѳдьүүстээхтик үлэлиир.

- Билиини - кѳрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһанар.

- Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр.

- Ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баһылыыр.

- Сыалы - соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тѳһѳ сѳпкѳ талбытын сыаналыыр, холонор. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, бол5омтотун тардар курдук сахалыы кэпсииргэ дьулуһар.

Бодоруһар сатабыл.

- Саастыылаахтарын кытта айымньылаахтык алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр.

- Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанарга дьулуһар.

Үѳрэх былааныгар «Тыл оһуора» дьарык миэстэтэ

«Тыл оһуора»дьарык 4 кылаастарга уруогу таһынан үлэннэн нэдиэлэ5э 1 чааһы ( сылга 34 ч) ылан ыытыллар.

Тематическай былаан

Дьарык тиэмэтэ


Чааһа

Үѳрэнээччи үлэтин ис хоһооно

Үөрэх сатабыла

Күнэ-ыйа

Билэр - көрөр сатабыл

Сатабылы сайыннарыы түмүгэ

план

факт

1

Тѳрѳѳбүт тылгын тѳһѳ билэҕин?

1

Викторина

Тѳрѳѳбүт тылын үѳрэтэригэр сыал - сорук туруорунан кѳдьүүстээхтик үлэлиир

Тѳрѳѳбүт тыл тѳрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус уран айымньытыгар уонна литература5а сѳҥмүтүн билэр

07.09


2

Тыллар суолталарын араастара.

1

Тылдьытынан үлэлииллэр.

14.09


3

Сомоҕо тыллар.

1

Суолтатын быһаараллар.

Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр

Бэйэтин саҥатын сайыннарар баҕаны үѳскэтэр, сана тыллары билэр, сатаан туттарга үөрэнэр

21.09


4

Биирдик саҥарыллар тыллар - омонимнар.

1

Тылдьытынан үлэ.

28.09


5

Булугас өйдөөхтөр күрэхтэһиилэрэ

1

Хамаанданан оонньуу.



Билиини - кѳрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһанар

Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр

Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанарга дьулуһар

05.10


6

«Толкуйдуохха, таайыахха, өңнүөххэ» кинигэни кытары билсиһии.

Кистэлэңнээх тыллар.

1

Тыл оонньуутун бэйэлэрэ холонон оҥороллор.

12.10


7

Ребустар. θс хоһооннору ребус көмөтүнэн ааҕыы.

1

Ребустары таайаллар, аа5аллар, бэйэлэрэ айаллар.

19.10


8

Тыл оонньуулара

1

Тыл эгэлгэтин билсэллэр

26.10


9-10

Айар дьарык

2

Айылҕаны хоһуйаллар.

Дьыл түѳрт кѳстүүтэ.

Ылбыт билиини туһанан айар үлэҕэ холонуу

Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар - сайдар тыл буоларын ѳйдүүр

Ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баһылыыр

09.11

16.11


11

12

Хаһыат таһаарыы «Таайбараҥ» №1

2

Литературнай хаһыат таһаарыы

Саастыылаахтарын кытта айымньылаахтык алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр.

23.11

30.11


13

Биир суолталаах тыллар - синонимнар.

Утарыта тыллар - антонимнар.

1

Тылдьытынан үлэ.

Тылдьытынан сатаан тутта үөрэнии

Тылын сайыннарар сыалы - соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр

07.12


14

«Кэскил» хаһыат «Уоскулаҥҥа» рубриката.

Таайбараҥнар.

1

Кэскил хаһыакка тэттик сонуннары суруйуу.

Айар үлэҕэ холонуу, «Кэскил» хаһыаты көтүппэккэ аа5ар үөрүйэ5и инэринии

14.12


15

Саха суруйааччылара оҕолорго

1

Кинигэ рекламатын оҥороллор.

О5о айымньыларын сөбүлээн аа5ыы

Билиини - кѳрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһанар

Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар

Сахалыы санааны сатаан сааһылаан санарга үөрэнэр

21.12


16

Мин сѳбүлүүр айымньым. Сыанабыл.

1

Сыанабыл суруйарга холоноллор.

Аахпыт айымньыга сыанабыл оноро уерэнии, санааны сатаан этэргэ, суруйарга холонуу

11.01


17

Тыл кистэлэҥэ.

1

Тыл эгэлгэтин билсэллэр

Тыл эгэлгэтин билэргэ, ѳйдүүргэ, тылы имитэ - хомута туттарга үѳрэнэр. Тыл оонньууларын бэйэтэ айар уонна тэрийэн ыытар сатабылы сайыннарыы.

18.01


18

Сомоҕо домох. Тоҕо маннык этэллэрий?

1

Сомоҕо домох суолтатын быһаран суруйаллар.

25.01


19

Тыл оонньуулара «Тыл оһуора»

1

Тыл оонньуутун тэрийии.

01.02


20

Айар дьарык.

1

Тэттик кэпсээн айарга холонуу.

Ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баһылыыр

Тэттик үлэлэри айарга үөрүйэхтэнэр

08.02


21

Олунньу ый - хомуһун ыйа.

Сахалыы сурук-бичик төрөөбүт күнэ.

1

Кылгас иһитиннэриитин кылаас ииннигэр кэпсиир.

Тѳрѳѳбүт тыл тѳрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус уран айымньытыгар уонна литература5а сѳҥмүтүн билэр

Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар - сайдар тыл буоларын ѳйдүүр

15.02


22

Хаһыат таһаарыы « Сааскы дьүһүйүү» №2

1

Литературнай хаһыат таһаарыы

22.01


23

Булугас өйдөөхтөр күрэхтэһиилэрэ

1

Хамаанданан оонньуу

Хамаанданан бииргэ үлэлиир дьо5уру сайыннарыы

Билиини - кѳрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһанар.

Саастыылаахтарын кытта айымньылаахтык алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр

29.02


24

Экскурсия «Саас иһэр»

1

Билгэлэр туһунан кэпсэтии

07.03


25

Саха норуотун тылынан уус - уран айымньыта.

1

Кинигэ выставкатын тэрийии



Сыалы - соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тѳһѳ сѳпкѳ талбытын сыаналыыр, холонор



Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар

14.03


26

Айар дьарык. Мин сѳбүлүүр айымньым. Сыанабыл.

1

Сыанабыл суруйаллар.

04.04


27

Күлүүстээх тыллар. Анаграммалар.

1

Презентация,оонньууну тэрийии

11.04


28

Сахалыы былыргы сэһэннэр.

1

Былыр олорон ааспыт күүстэх дьон тустарынан үһүйээн.

Саха тыла төһө баайын, кистэлэннэрин билэргэ дьулуһуу, тылдьыттары таба туттан үлэлииргэ үөрэнии,

Саха фольклорун диринэтэн үөрэтэргэ кыһаллар

Тѳрѳѳбүт тыл тѳрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус уран айымньытыгар уонна литература5а сѳҥмүтүн билэр

18.04


29

Саха фольклоругар Манчаары обраһа.

1

Манчаары обраһын кытта билсэллэр.

25.04


30

Норуот муудараһа. Ѳс хоһооннор.

1

Ѳс хоһоону быһаарыы.

02.05


31

Хаһыат таһаарыы «Тыл оһуора» №3

1

Хаһыат таһаарыы.

Тыл эгэлгэтин билэргэ, ѳйдүүргэ, тылы имитэ - хомута туттарга үѳрэнэр. Тыл оонньууларын бэйэтэ айар уонна тэрийэн ыытар сатабылы сайыннарыы.

Саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ үлэлиир үѳрүйэхтэнэр

Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанарга дьулуһар

09.05


32

Оонньоо, толкуйдаа, таай.

1

Кистэлэҥнээх суруктары ааҕыы

16.05


33

Оонньуу «ТОК»

1

Биирдиилээн оонньуу

23.05


34

Түмүк дьарык. Айылҕаҕа тахсыы.

1


Төрөөбүт айыл5аны таптыырга, харыстыырга дьулуһуу

30.05


Материальнай - техническэй хааччыйыы


  • кылаас библиотекатын фондатыгар уус-уран айымньы тиэкистэрэ;

  • алын кылаас үөрэнээччитигэр СанПиН көңүллүүр үөрэх электроннай матырыйааллара;

  • истиэнэ5э ыйанар таблицалар;

  • үөрэнээччигэ тус сорудахтаах карточкалар, о.д.а.

Уруокка туһаныллар техническэй тэриллэр:

  • персональнай компьютер;

  • CANON мультимедийнай проектор;

  • SCX-4200 многофункциональнай лазернай принтер.

  • Интерактивнай дуоска



Туһаныллар литература

  1. Электроннай пособие «Аптаах холбуйачаан».

  2. Электроннай пособие «Саха суруйааччылара».

  3. Васильева М.В. Оонньоо, толкуйдаа, таай - Дьокуускай: Бичик, 2004.

  4. Кондаков У.Ф. Тыл оонньуута - Дьокуускай: Бичик, 2002.

  5. Семенова С.С. Тѳрѳѳбүт тыл: үлэлиир бырагыраама: 1-4 кылаас; Саха Ѳрѳсп.Үѳрэҕин мин-бэтэ.- Бичик,2013.

  6. Филиппова Н.И., Филиппов Г.Г. Тыл оһуора- Дьокуускай: Бичик, 2002.




 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал