- Учителю
- Рабочая программа Саьар5а (2 класс)
Рабочая программа Саьар5а (2 класс)
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Кобяконская средняя общеобразовательная школа
МО «Намский улус» Республики Саха (Якутия)»
Рассмотрено _______________/Ядрихинская Я.М./ Согласовано ____________________/Зырянова В.А./ Утверждаю: _______________/Колодезников Я.И./
Рук. МО начальных классов ЗД по УМР Директор МБОУ КСОШ
Дата:_______________________________ Дата:__________________________ Дата:__________________________
Рабочая программа литературное чтение на языке саха
на 2014-15 уч.г.
Учитель: Ортоюкова Лира Мироновна
Предмет: Саьар5а, 2 класс
Авторы и учебники по классам, год издания: Л.В. Захарова, Л.К. Избекова «Саьар5а» 2 класс, Дьокуускай «Бичик»2013 г.
УМК: «Школа России»
2014 г.
Литературнай ааҕыы.
Сүрүннүүр бырагыраама быһаарыы суругар үөрэх предметин туһунан өйдөбүл, үөрэх предметин ис хоһоонугар киирэр ытык өйдөбүллэр, үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ, үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ ыйыллар, предмет ис хоһооно уонна тиэмэнэн аттарыллыыта, үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыыга ыйыылар бэриллэллэр.
Быһаарыы сурук.
Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан aaҕap оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала - oҕoҕo aaҕap дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.
Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:
-
Ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; араас көрүҥүн сайыннарыы;
-
Оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
-
Уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы;
-
Тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии;
-
Айар дьоҕуру сайыннарыы;
-
Ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүө өрүттэрин олохсутуу;
-
Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
-
Ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;
-
Тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
-
Наадалаах литератураны булан туһаныы;
-
Ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
-
Айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
-
Норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
-
Уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;
-
Төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.
Оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын төрүт сокуоннарыгар, Үөpэx туһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга олоҕурар.
Орто уопсай үөрэхтээһин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыҥ хаачыстыбаларын - киһи-аймах ытык өйдөбүллэрин (духуобунай сыаннастарын) иҥэриммит Россия гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туһуланар.
Киһи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрэ суох быһыы, суобас уонна чиэһинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киһилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ биһирэнэр, кэрэхсэнэр.
2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноһы иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:
-
Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.
-
Биир санааланыы, кырдьыктаах быһыы, аһыныгас, амарах сүрэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу.
-
Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук култууратын, айымньытын өйдөөһүн.
-
Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох. Төрөппүттэргэ ытыктабыл, аҕа саастаахха уонна кыраҕа, кыаммакка кыһамньы, ийэ-a5a yyһyн тэнитии, удьуору салҕааһын.
-
Үлэ, төрүт дьарык. Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах үлэ.
-
Билиини сыаналааһын. Дьиҥ чахчыга дьулуһуу, аан дойду научнай көстүүтэ.
-
Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ. Өбүгэ үгэһин утума.
-
Төрөөбүт литература - барҕа баай. Кэрэ, киһи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быһыы. Олох, олох сиэрэ-майгыта.
-
Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир - планета. Айылҕаҕа харыстабыл.
-
Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киһи-аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэһиилэрэ, сомоҕолоһуулара.
Онон бу ытык өйдөбүллэри «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин ис хоһоонугар уус-уран айымньыга сөҥөн сылдьар норуот историятын, култууратын, олоҕун төрүт үгэһин, сиэрин-майгытын нөҥүө киллэрии көрүллэр.
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:
-
киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;
-
уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
-
тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдүүр;
-
норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын, историятын, тылын-өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;
-
Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
-
үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараҥаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
-
ааҕыы үлэтин араас көрүҥэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгун сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
-
уруокка, уруок таһынан үлэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, тyhaнap;
-
уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн, сайдыытьн быһаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;
-
уус-уран айымньы сүрүн ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтүнэн быһаара, ситимнии, тиһиктии үөрэнэр;
-
аахпытыгар уонна уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна ойуулуур, учебнигынан үлэлиир;
-
уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар;
-
доҕотторун, төрөппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини oҥopop;
-
бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
-
ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр;
-
айымньы араас көрүҥүн болҕойон истэр;
-
норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;
-
аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;
-
сааһыгар сөптөөх араас көрүҥнээх (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар;
-
кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, кылгатан, талан, 6ыha тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көрүҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кэпсиир;
-
сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;
-
сааһыгар сөп түбэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны (эпитети), өс хоһоонун, уус-уран ньыма apaaһын кэпсииригэр туһанар;
-
айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;
-
чопчу тиэмэҕэ араас көрүҥнээх суругунан айар үлэни толорор.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Үөрэх былаанынан алын cүһүөx оскуолаҕа литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта 238 чаас көрүллэр. Ол иһигэр:
-
кылааска - 68 чаас: кылаас иһинэн ааҕыы - 60 чаас, кылаас таһынан ааҕыы - 8 чаас.
Үөрэтэргэ туттуллар учебнай-методическай пособиялар:
Учебник: Л.В.Захарова, Л.К.Избекова. Саһар5а: Түөрт сыллаах начальнай оскуола 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2013.
Кылаас таһынан ааҕарга көмө учебник: Л.З. Захарова. Ааҕарбын таптыыбын: 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2013.
Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. Ыалынан ааҕыы: 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2014.
Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. Бэйэ ааҕыыта: 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2014.
Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. Литература ааҕыыта: 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2014.
Методическай пособия: СД диски - Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова. Литература ааҕыыта: 2-с кылааһыгар ааҕар кинигэ - Дьокуускай: Бичик, 2014.
Үөрэх предметин ис хоһооно.
1-4 кылааска төрөөбүт литератураны үөрэтии маннык ис хоһоонноох буолар:
Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көһөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтитэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун булуу, ааҕыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрүт уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.
Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан саха литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэһэргээһин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэҥнээһин) Tyhaнapra, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.
Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, oҕo ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.
Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-өһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна xohooн тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.
Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан aaҕapгa, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэтэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:
-
Тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;
-
Уус-уран литература киһи- аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;
-
Айымньы көрүүтүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;
-
Араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;
-
Ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.
Календарно-тематический былаан
№
Уруок тиэмэтэ
Уруок сыала, соруга
Үлэ көрүҥэ
Туттар тэрил
Дьиэҕэ үлэ
Дата
Бэлиэтээьин
1 чиэппэр - 18 чаас
план
факт
1
П.Тобуруокап. Оскуолабыт, дорообо!
П.Тобуруокап айар үлэтин, хоһоонун билиһиннэрии, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, оскуолаҕа үтүө сыһыаны иитии.
Суруйааччы туһунан билии, ааҕыы, өйдөммөт тыллары быһаарыы.
Портрет, биография.
с.4 нойосуус
03.09
2
Учууталга үөрэммиттэр.
Доҕордоһуу тойуга.
«Учууталга үөрэммиттэр» хоһоону билиһиннэрии, учууталга махталлаах буоларга үөрэтии, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.
«Доҕордоһуу тойуга» диэни ааҕыы, доҕордоһуу суолтатын, өйдөтүү, дорҕ. ааҕыыны сайыннарыы.
Дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы, таабырын таайыы, тылы б ыьаарыы, хорунан ааҕыы.
Доҕордоһуу туһунан санааны этии.
Портрет
С.5-6 дорҕ.аах
06.09
3
Мэнигийээн-мэникчээн
С 6 кэпсииргэ бэлэмнэн
10.09
4
Суорун Омоллоон. Славик уонна Кэнчээри.
Суорун Омоллоон айар үлэтин билиһиннэрии, «Славик уонна Кэнчээри», дорҕ.ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, доҕордоһууну сыаналыырга үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, ырытыы, сана тыллары быһаарыы.
Портрет, саҥа тыллар
С 8 доргуччу ааҕыы
13.09
5
Сымыйалыан, - бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуон.
Дорҕ.ааҕыыны сайыннарыы, кэпсиир, талан ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, сымыйалыыр куһаҕанын өйдөтүү.
Дорҕ.ааҕыы, ырытыы, талан ааҕыы, өс хоһоону, саҥа тылы быһаарыы.
Саҥа тыл, өс хоһоон
С.9
дорҕоонноохтук аах
17.09
6
Маныыһыт уонна торбуйах.
Дорҕ.ааҕыыны сайыннарыы, тылы байытыы, тыл туһунан өйдөбүлү биэрии.
Ботугураан ааҕыы, ырытыы, талан ааҕыы, тыллары быһаарыы, өс хоһоону ааҕыы.
Хартыына, саҥа тыллар
С 11 кэпсээ
20.09
7
М.Д.Ефимов. Куобах Кутуруга уолчаан.
М.Д.Ефимов айар үлэтин кэпсэтии, «Куобах Кутуруга уолчаан» остуоруйаны ааҕыы, тылы сайыннарыы, киһиргиир куһаҕанын өйдөтүү.
Дорҕ.ааҕыы, ырытыы, тыллары быһаарыы, өс хоһоону ааҕыы.
Иллюстрация, саҥа тыллар
С 16 дорҕ. ааҕыы
24.09
8
Кылаас таһынан ааҕыы. Чуоччаас.
27.09
9
П.Ойуунускай. Өйдөөх оҕо.
П.Ойуунускай айар үлэтин билиһиннэрии, «өйдөөх оҕо» кэпсээни ааҕыы, үлэ тапталы иитии.
Дорҕ.ааҕыы, ырытыы, талан ааҕыы, саҥа тылы, өс хоһоону быһаарыы.
Портрет, уруһуй
С.20
дорҕоонноохтук аах
01.10
10
Саһыл уонна балыксыт.
«Саһыл уонна балыксыт» кэпсээни ааҕыы, дорҕ.ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тылы, өс хоһоону быһаарыы, ырытыы.
уруһуй
С 22 кэпсииргэ
бэлэмнэн.
04.10
11
А.Софронов. 0ҕо-оҕо эрдэххэ. Туллук-туллук доҕоттор.
А.Софронов айар үлэтин билиһиннэрии «0ҕо-оҕо эрдэххэ» хоһоону ааҕыы, оҕо саас үтүөтүн сыаналыырга үөрэтии.
«Туллук-туллук доҕоттор» хоһоону ааҕыы, тылы сайыннарыы, доҕордоһуу өйдөбүлүн быһаарыы.
Хоһоонноохтук ааҕыы, ырытыы, тыллар, өс хоһоон суолталарын билиһиннэрии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, тыллары өс хоһоону быһаарыы, ырытыы.
Саҥа тыллар
уруһуй
С.24 нойосуус
08.10
12
Софрон Данилов. Хорсун уол.
Дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, хорсун быһыы холобурун көрдөрүү, доҕор туһугар долгуйарга үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, өс хоһоону быһаарыы, айымньыны ырытыы.
уруһуй
С 26
дорҕоонноохтук аах
11.10
13
Барытын киһи оҥорор.
Дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, үлэни толору оҥорорго үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары, өс хоһоону быһаарыы, ырытыы, талан ааҕыы, таабырын таайыы.
Саҥа
тыллар,
уруһуй
С 28 кэпсээ, 1
оҕо Семен
Данилов
туһунан
кэпсииргэ,
бэлэмнэнэр.
15.10
14
Семён Данилов. Өлүөнэ эбэкэм. Сахам сирэ.
Семён Данилов айар үлэтин билиһиннэрии, «Өлүөнэ эбэкэм» хоһоону ааҕыы, тылы сайыннарыы, дойдуга тапталы иҥэрии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары, өс хоһоону быһаарыы, ырытыы.
Портрет, уруһуй
С.31 нойосуус
18.10
15
Саха үҥкүүтэ.
«Саха үҥкүүтэ» ырыаны хоһоонноохтук аахтарыы, тылы сайыннарыы, дойдуга тапталы иҥэрии.
Хоһоонноохтук
ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, айымньыны ырытыы, ыллааһын.
Саҥа тыллар
С.33, дорҕ.аах
22.10
16
И.К.Данилов. Туймаада хочото.
И.К.Данилов айар үлэтин билиһиннэрии, «Туймаада хочото» кэпсээни ааҕыы, Туймаада туһунан өйдөбүлү биэрии.
Дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы, таабырын таайыы, кэпсээнинэн сиэттэрэн картанан үлэ.
Портрет,
карта,
уруһуй.
С 35 кэпсииргэ бэлэмнэн
25.10
17
Кылаас таһынан ааҕыы. Дьэрэкээн оҕолор.
Суорун Омоллоон айар үлэтин хатылатыы. Кэпсээни ааҕыы, ырытыы; оҕо бэйэтэ булан ааҕар кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээни чаастарынан ааҕыы, ырытыы, саҥа тыллары быһаарыы, өс хоһоону ааҕыы, таабырын таайыы.
Өс хоһооно,
таабырыннар.
С 144 ааҕыы
29.10
18
Л.А.Попов. Сахам сирин таптыыбын.
Л.А.Попов туһунан кэпсэтии, хоһоонноохтук ааҕыыны, айар дьоҕуру сайыннарыы, дойдуга тапталы иитии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, өс хоһоону, саҥа тыллары быһаарыы, айымньыны ырытыы.
Портрет, кинигэ.
С 38 ааҕыы
01.11
19
Кыталыктар кырдаллара. Эйэ ырыата.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, айымньыны ырытыы.
Уруһуй, саҥа
тыллар.
С 39 нойосуус
12.11
20
Эллэй. Төрөөбүт дойдубар.
Таба.
Эллэй айар үлэтин билиһиннэрии, «Төрөөбүт дойдубар» хоһоону аахтарыы, айар дьоҕуру сайыннарыы, дойдуга тапталы иитии.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, кыллары харыстыырга үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары, быһаарыы, айымньыны ырытыы, таабырын таайыы.
Портрет, кинигэ выставката, уруһуй.
С.41-42 дорҕ. ааҕыы
15.11
21
Эрилик Эристиин. Кыһыҥҥы түүн.
Эрилик Эристиин айар үлэтин билиһиннэрии, «Кыһыҥҥы түүн» сэһэнтэн быһа тардыыны ааҕыы, айылҕа кэрэ көстүүтүн өйдөөн,кэтээн көрөргө үөрэтии.
Дорҕ. ааҕыы, тыллары быһаарыы, ырытыы, таабырын таайыы.
Портрет, кинигэ
С.44 ааҕыы
19.11
22
М.Е.Тимофеев. Халыма.
М.Е.Тимофеев айар үлэтин билиһиннэрии, «Халыма» хоһоону ааҕыы, хоһоон тутулун хатылааһын.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, таабырын таайыы, хоһоон тутулун кэтээн көрүү.
Портрет, кинигэ
С. 46 дорҕ.ааҕыы
22.11
23
Табалар.
Дорҕ.ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, тылы байытыы, кыыллары таптыырга үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, ырытыы, саҥа тылы билии, таабырыны таайыы.
хартыына
С.47 аах
26.11
24
Сахабыт сирэ.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы сайыннарыы, дойдуга тапталы иитии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, таабырын таайыы.
С. 48 нойосуус
29.11
25
П.П.Одорусов. Кыһын Тымныы оҕонньор.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, хоһоон тутулун хатылааһын, айылҕа кэрэтин өйдөөн көрөргө үөрэтии.
Хоһоону истии, хоһ-к ааҕыы, ырытыы, тыллары быһаарыы, хоһоон тутулун кэтээн көрүү.
Уруһуй
С 50 ааҕыы, уруһуй.
03.12
26
Н.Якутскай Куобах кутуруга суох буолбута.
«Куобах кутуруга суох буолбута» кэпсээни ааҕыы, былаанынан кэпсииргэ үөрэтии.
Саҥа тыллары билиһиннэрии, дорҕ. ааҕыы, ырытыы, былаанынан кэпс.
уруһуй
С 52, 53,55 кэпсииргэ бэлэмнэнии.
06.12
27
В.С.Федоров.
Чыыбаайылаах
силээҥҥэ.
Дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, ыйытыынан сатаан кэпсииргэ үөрэтии, кыыллары харыстыырга үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ. ааҕыы, ырытыы, кэпсээн.
Ыйытыы лар, саҥа тылл ар.
С. 57. кэпсииргэ
бэлэмнэнии,
уруһуй.
10.12
28
Тулаайах
Дорҕ.ааҕар дьоҕ. салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, кыыллары таптыырга үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ., талан ааҕыы, ырытыы, таабырын таайыы.
Саҥа тыллар
С.60 дорҕ. ааҕыы
13.12
29
Е.А.Макаров. Хаастар.
Е.А.Макаров айар үлэтин «Хаастар» кэпсээни билиһиннэрии, сиһилии кэпсииргэ бэлэмнээһин, айылҕаҕа тапталы иитии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ., талан ааҕыы, ырытыы, таабырыны таайыы, былаанынан кэпсээн.
уруһуй
С. 63 сиһилии
кэпсииргэ
бэлэмнэнии.
17.12
30
Хотой оҕото.
Дорҕ.ааҕар дьоҕурун салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтии.
Дорҕ. ааҕыы, тыллары быһаарыы, ырытыы.
Уруһуй
С.64
дорҕоонноохтук ааҕыы.
20.12
31
Кэһэйбит этэ.
Дорҕ.ааҕар дьоҕурун салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ., талан ааҕыы, ырытыы, таабырыны таайыы, былаанынан кэпсээн.
Саҥа тыллар
С. 65 кэпсииргэ
бэлэмнэн,
уруһуй
24.12
32
Кылаас таһынан ааҕыы. Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах.
Софрон Данилов айар үлэтин билиилэрин чиҥэтии; кэпсээни чаастарынан ааҕыы, ырытыы; ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы; оҕолор тылларын байытыы.
Саҥа тыллары быһаарыы, чаастарынан ааҕыы, ырытыы, өс хоһооннорун ааҕыы.
Ойуу
С.148-151 кэпсииргэ бэлэмнэнии
27.12
33
К.Н. Дьячковскай - Туйаарыскай. Фермаҕа. 0ҕус уонна оҕо.
К.Н. Дьячковскай - Туйаарыскай айар үлэтин «Ферма5а», «0ҕус уонна оҕо» хоһоонору билиһиннэрии, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, кыыллары таптыырга үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, оруолунан ааҕыы, таабырын таайыы.
Портрет, саҥа тыллар, уруһуй.
С.67 нойосуус
14.01
34
Н.Игнатьев. Булуука.
Н.Игнатьев айар үлэтин, «Булуука» кэпсээни билиһиннэрии, кыыллары таптыырга үөрэтии.
Дорҕ. ааҕыы, таабырын таайыы, өс хоһоону быһаарыы, кулунчук эбэтэр ньирэй туһунан кэпсээн.
Уруһуй, портрет
С.69 дорҕ.ааҕыы
17.01
35
И.М.Гоголев - Кындыл. Ийэбин ахтабын.
И.М.Гоголев - Кындыл айар үлэтин, «Ийэбин ахтабын» хоһоонун ааҕыы, ийэҕэ махталлаах буоларга үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тылы, өс хоһоону быһаарыы, таабырын таайыы, нойосуус үөрэтэргэ бэлэмнэнии.
Уруһуй,
саҥа
тыллар
Ийэ туһунан хоһоон айарга холонуу.
21.01
36
Сахам сирэ барахсан. Күнү таптыыбын.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы байытыы,дойдуга, айылҕаҕа тапталы иитии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, таабырын таайыы, күн туһатын туһунан кэпсэтии.
Саҥа тыллар, хартыына лар.
С.73
хоһоонноохтук ааҕыы.
24.01
37
Кылаас таһынан ааҕыы. Тоҥон өлбүт.
Кэпсээни оруолларынан доргуччу аахтарыы; тулалыыр айылҕа кыылларын туһунан кэпсэтии; оҕо ааҕар, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы.
Кэпсээни оруолларынан ааҕыы, ырытыы, бэсиэдэ, саҥа тыллары быһаарыы.
Ойуу, ребустар.
С. 151-152 доргуччу ааҕыы
28.01
38
Н.Е.Мординов - Амма Аччыгыйа Даарыйа эмээхсин.
Н.Е.Мординов - Амма Аччыгыйа айар үлэтин, «Даарыйа эмээхсин» остуоруйаны билиһиннэрии, оруолунан ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, сымыйалыыр куһаҕанын өйдөтүү.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, оруолунан ааҕыы, оонньоон көрдөрүү, таабырын таайыы.
Саҥа тыллар.
С. 75. кэпсииргэ бэлэмнэн
31.01
39
Микиитэ.
Дорҕ.ааҕар дьоҕурун салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, кыыллары харыстыырга үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, талан ааҕыы.
Саҥа
тыллар,
уруһуй
С.77 дорҕ.аах, уруһуй.
04.02
40
В.М. Новиков - Күннүк Уурастыырап. Сааскыга.
Олус да кэрэ.
В.М. Новиков - Күннүк Уурастыырап айар үлэтин, «Сааскыга» хоһоонун билиһиннэрии, айылҕаҕа тапталы иҥэрии.
Хоһоонноохтук ааҕыыны салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, айылҕа кэрэ көстүүтүн өйдөөн көрөргө үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, таабырын таайыы.
Портрет, уруһуй,
саҥа
тыллар.
С.82
хоһоонноохтук ааҕыы.
07.02
41
Сааскы күөх сарсыарда.
Хоһоонноохтук ааҕыыны салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, айылҕа кэрэ көстүүтүн өйдөөн көрөргө үөрэтии, хоһоон форматын хатылааһын.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тылы быһаарыы, хоһоон тутулун кэтээн көрүү.
Уруһуй,
саҥа
тыллар.
С.83
хоһоонноохтук ааҕыы, хоһоон айарга холонон көрүү.
11.02
42
И.М.Сосин. Тураах күөмэйэ бүппүт.
И.М.Сосин айар үлэтин, «Тураах күөмэйэ бүппүт» кэпсээни билиһиннэрии, талан ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, айылҕаҕа болҕомтолоох буоларга үөрэтии.
Саҥа тылы быһаарыы, дорҕ., талан ааҕыы, ырытыы, билгэ туһунан кэпсэтии.
Уруһуй, портрет.
С 84 дорҕ.ааҕыы, 5 билгэни суруй.
14.02
43
Ыт утуйар мээрик буолбут.
Дорҕ., оруолунан ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, кыылы-көтөрү кэтээн көрөргө үөрэтии.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, оруолунан ааҕыы, кыыл-көтөр биттэнэрин кэпсэтии.
Саҥа тыллар
С 86 оруолунан ааҕыы, кыыл- көтөр 5 билгэтин суруйуу.
18.02
44
Сордоҥ булдугар тахсыбыт.
Дорҕоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, балыктар күн уларыйыытыттан тутулуктаахтарын көрдөрүү, айылҕаны хоһуйар тыллары кэтээн көрүү.
Дорҕ.ааҕыы, саҥа тыллары быһаарыы, ырытыы, талан ааҕыы.
Уруһуй
С. 87 кэпсииргэ бэлэмнэн, кылаас таһынан ааҕыыга бэлэмнэн.
21.02
45
А.Г.Кудрин-
Абаҕыныскай. Сааскы ырыа. Саас буолаҕа.
А.Г.Кудрин-Абаҕыныскай айар үлэтин, «Сааскы ырыа» хоһоону билиһиннэрии, хоһ-к ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, тылы байытыы, айылҕа кэрэтин өйдөөн көрөргө үөрэтии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тылы быһаарыы, хоһоон тутулун кэтээн көрүү, нойосуус ааҕарга бэлэмнэнии.
Портрет, саҥа тыллар, хартыына
С. 90 нойосуус
25.02
46
Күөрэгэй.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, күөрэгэйи хоһуйарга холонон көрүү.
Хоһоонноохтук ааҕыы, күөрэгэйи хоһуйбут тыллары кэтээн көрүү.
уруһуй
С. 91
хоһоонноохтук ааҕыы, күөрэгэй туһунан хоһоон айарга холонуу.
28.02
47
Кылаас таһынан ааҕыы. Күн (хоһоон суруйан холонуу).
Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы, өйгө үөрэтэргэ бэлэмнээһин; оҕо хоһоону үөрэтэр үөрүйэхтэрин сайыннарыы; күҥҥэ, ийэҕэ тапталы күүһүрдүү.
Хоһоону
дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы, өс хоһооннорун ааҕыы.
04.03
48
А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй. Хаар хараарыыта.
Хоһоонноохтук ааҕыыны салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, айылҕа көстүүтүн хоһуйар ньыманы өйдөөн көрөргө үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы,
хоһоонноохтук ааҕыы, хоһуйуу ньымаларын кэтээн көрүү.
Портрет,
саҥа
тыллар.
С.93 хоһооннооктук ааҕыы
07.03
49
Көтөр кэлиитэ.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, көтөрү таптыырга үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы,
хоһоонноохтук ааҕыы, көтөрдөр араастарын өйдөөн көрүү.
уруһуй
С.95 ааҕыы
11.03
50
Чыычаах ырыата.
Хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, көтөрү таптыырга үөрэтии, тылы байытыы, хоһоон форматын хатылааһын.
Хоһоонноохтук ааҕыы, саҥа тылы быһаарыы, хоһоон тутулун кэтээн көрүү, чыычаах туһунан кэпсээн.
Саҥа тыллар
С. 97
хоһоонноохтук
ааҕыы.
14.03
51
Кылаас таһынан ааҕыы. Көмүс туорах.
Остуоруйаны ааҕар, интэриэһиргиир үөрүйэхтэри чиҥэтии, ырытыы; үлэҕэ, тулуурдаах буоларга иитии.
Саҥа тыллары быһаарыы, остуоруйаны ааҕыы, ырытыы, ребустар.
Ребус, уруһуй.
С. 152-155 ааҕыы, уруһуй.
18.03
52
В.А.Тарабукин. Хаххан.
В.А.Тарабукин айар үлэтин, «Хаххан» кэпсээни билиһиннэрии, хаххан хайдах көрүҥнээҕин биллэрии.
Саҥа тыллары билиһиннэрии, дорҕ.ааҕыы, ырытыы, хаххан туһунан былаанынан кэпсээн.
Портрет, уруһуй.
С.98 кэпсииргэ бэлэмнэн
21.03
53
Куба өлүүтэ.
Дорҕ.ааҕар дьоҕурун салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтии, ааҕыыны интэриэһэргэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ.ааҕыы, ырытыы, талан ааҕыы, хоһуйар тыллары кэтээн көрүү.
Уруһуй,
саҥа
тыллар.
С. 103 кэпсээни салгыы ааҕыы, кэпсииргэ бэлэмнэнии.
04.04
54
В.П.Миронов. Кудай Бөҕө.
Дорҕ.ааҕар дьоҕуру салгыы сайыннарыы, тылы байытыы, өбүгэ үгэһин үөрэтии.
Саҥа тыллары
билиһиннэрии,
дорҕ. ааҕыы, ырытыы,
талан ааҕыы.
Уруһуй,
саҥа
тыллар
С.105
дорҕ.ааҕыы
08.04
55
0ҕолоох чыычаах.
Аахпыттан былаанынан кэпсиир дьоҕуру сайыннарыы, тылы байытыы, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтии.
Саҥа тыллары билиһиннэрии, дорҕ.ааҕыы, былаанынан кэпсээн, талан ааҕыы.
Уруһуй
(котоку
чыычаах),
саҥа
тыллар.
С. 107 кэпсииргэ бэлэмнэнии
11.04
56
В.С.Яковлев - Далан. Дьаарбан уонна Дьанкы.
В.С.Яковлев - Далан, айар үлэтин, «Дьаарбан уонна Дьанкы» кэпсээни билиһиннэрии, номох үөрэтэр суолтатын өйдөтүү, ааҕарга интэриэһи көҕүтүү.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ.ааҕыы, ырытыы.
Портрет, уруһуй.
С. 113 ситэри ааҕыы
15.04
57
Р.Д. Ермолаев Баҕатаайыскай. Ийэ тылбар.
Р.Д. Ермолаев - Баҕатаайыскай айар үлэтин, «Ийэ тылбар» хоһ. билиһиннэрии, ийэ тылга тапталы иитии, хоһ-к ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.
Саҥа тыллары билиһиннэрии, хоһоонноохтук ааҕыы, ырытыы, талан ааҕыы.
Портрет,
саҥа
тыллар.
С.118 нойосуус.
18.04
58
Оҕо хаас.
С.116 дорҕ.ааҕыы
22.04
59
Якутскай.
С.119 ааҕыы
25.04
60
И.Д.Винокуров - Чаҕылҕан. Герой Попов туһунан ырыа.
И.Д.Винокуров - Чаҕылҕан айар үлэтин, «Герой Попов туһунан ырыаны» билиһиннэрии, сэрии геройдарынан киэн тута үөрэтии.
Саҥа тыллары билиһиннэрии, хоһ.ааҕыы, ырытыы, герой уобараһын көрдөрүү, таабырын
таайыы.
Портрет, саҥа тыллар, уруһуй.
С. 121
хоһоонноохтук ааҕыы.
29.04
61
Эйэ иһин охсуһуу.
С. 123 уруһуй
02.05
62
Кылаас таһынан ааҕыы. Тоҕус быраат Чорбойдор.
А.Аччыгыйа өссө биир айымньытын кытта билсиһии, ааҕыы, ырытыы; кэпсээн геройдарын ырытыы; эйэ үчүгэйин, иҥсэ куһаҕанын өйдөтүү.
Саҥа тыллары быһаарыы, бэсиэдэ, ырытыы, өс хоһооннорун ааҕыы.
Өс хоһооннор.
С. 156 кэпсииргэ бэлэмнэнии.
06.05
63
С.Т.Руфов. Сааскы ырыа. 0ҕуруотчут.
С.Т.Руфов айар үлэтин, хоһоону кэпсээни ааҕыы, хоһоонноохтук ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, айылҕаҕа тапталы иитии.
Хоһоонноохтук ааҕыы, ырытыы, хоһоон форматын кэтээн көрүү, нойосуус үөрэтэргэ бэлэмнэнии.
Портрет
С. 124 нойосуус
13.05
64
И.Е.Федосеев - Доосо. Сардаана.
С.128 дорҕоонноохтук ааҕыы
16.05
65
Сайылыкка.
С.129 кэпсииргэ бэлэмнэнии
20.05
66
Кылаас таһынан ааҕыы. Мындай бэлиэлээҕэ. Айар уруок.
Өһөс киһи туһунан номоҕу ааҕыы, ырытыы; оҕолор ааҕар, кэпсиир, ырытар дьоҕурдарын сайыннарыы; өһөс буолар куһаҕанын, туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин өйдөтүү.
Өйдөммөт тыллары быһаарыы, номоҕу ааҕыы, ырытыы, бэсиэдэ, кэпсииргэ бэлэмнэнии
С. 157-161
ааҕыы
23.05
67
Т.Е.Сметанин. Эһэ туһунан остуоруйа.
Т.Е.Сметанин айар үлэтин, «Эһэ туһунан остуоруйаны» билиһиннэрии, эппит тылгын толорор эппиэтинэскэ үөрэтии.
Саҥа тыллары быһаарыы, дорҕ.ааҕыы, ырытыы, таабырын таайыы.
Портрет,
саҥа
тыллар
С. 133 ааҕыы,
түмүктүүр
уруокка
бэлэмнэнии.
27.05
68
Түмүктүүр уруок. Аахпыты хатылааһын (викторина уруок).
Сылы быһа үөрэппит суруйааччыларын айымьыларын төһө өйдөрүгэр хатаабыттарын бэрэбиэркэлииргэ оонньуу, викторина, кроссворд таайтарыы.
Оонньуу.
Сорудахт ар, тест.
30.05