- Учителю
- Внеклассное мероприятие Праздник букваря 1 класс
Внеклассное мероприятие Праздник букваря 1 класс
Азбука бырааһынньыга.
Оҕолоор, бүгүн биһиэхэ , киһи олоҕор биирдэ эрэ буолан ааһар үөрүүлээх күммүт үүннэ. Биһиги «Азбуканы» үөрэтэн бутэрдибит, ол аата, буукубалары барытын биллибит, ааҕарга, суруйарга, кэпсииргэ үөрэннибит.
Күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар, бука барыгытын «Азбука» быраһаайдаһыы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. (слайд Азбука хартыыната)
-
Азбуканы бутэрэн
Ааҕар-суруйар буоллугут.
Үүнэр эдэр ыччатым
Үчүгэйдик туйгуннук
Үлүһүйэн үөрэниҥ.
Үүнэн-сайдан иһиэххит,
Үгүс үрдүк билиилээх,
Өрүү бастыҥ үлэлээх
Үтүө дьоннор буолуоххут.
Тугу билбиппитин- көрбүппүтүн дьоммутугар көрдөрүөҕүҥ эрэ.
Балаҕан ыйын 1 кунугэр сибэкки тутуурдаах бэһиэлэй чуораан доҕуһуолунан оскуола боруогун атыллаан сырдык ыраас кылааска киирэн үөрэнээччи буолаҥҥыт, оргууй аҕай паартаҕа кэккэлэһэ олорбуккут. Сабыс-саҥа азбука илиистэрин арыйбыппыт. Онтон ыла күнтэн күннэр аастылар, биһиги азбукабытын бүтэрдибит. Саа, суу, уус, мас- хас биирдии тылга дорҕооннору истэбит. Дорҕооннорбут араастар: аһаҕастар, бүтэйдэр.
-
Маҥнайгы кылаастар хоһоонноро.
Рустам: Мин А диэни билэбин (слайд)
Үөһэ өттө уһуктаах,
Алын өттө атахтаах,
Ортотунан туорайдаах.
Кристина: Мин О диэни билэбин (слайд)
Оҕуруо курдук төкүнүк,
Оҕурсу курдук бөкүнүк,
Уобуруччу курдук төгүрүк.
Саша: Мин Т диэни билэбин (слайд)
Суос соҕотох атаҕын
тоһоҕолуу тирэммит,
моҕотойдуур ураҕаһын
туора сүгэн кэбиспит.
Сашенька: Мин Х диэни билэбин (слайд)
Харандааска харандааһы
Хардарыта туппуттар
Хам баайталаан кээспиттэр
Х диэн буоллун диэбиттэр.
-
Аһаҕас бүтэйдиин атастыылар
Сүһүөхтэри таһаараллар
А уонна раас (слайд)
Холбуу эттэххэ араас,
Ө уонна рүс, өрүс буолан субуллар. (слайд)
Икки тылы холбуоҕуҥ
Этии буола түһүөҕэ:
Ыраас уу. Араас өрүс. Үс өрүс. (слайд)
Экраҥҥа ааҕыы: Үөрэттибит буукубалары
Элбэх саҥаны биллибит.
Сүһүөхтээн аахпыппыт биһиги,
Билигин бутун тылларынан
Ааҕыахпыт араас, интэриэһинэй кинигэлэри.
-
Таабырынна таайыаҕыҥ:
-
Кып-кыракый чыычаахтар эрээккэ тураат кэпсээбитинэн бараллар. (буукубалар)
-
Илиитэ-атаҕа да суох буоллар барыга бары үөрэтэр баар уһу. (кинигэ)
-
Биһиги Сахабыт сирин тыата олус баай. Ол курдук биһиги ойуурбутугар араас мастар, отнноох, эмтээх үүнээйилэр үүнэллэр. Уонна кыыллар төрөөн-үөскээн олороллор. Билигин төрөөбүт дойдугут тыатын кыылларын таайыаххыт. (кроссворд) (слайд)
2
3
4
-
Сир анныгар итии болгуо сытар үһү.
-
Хараҥаҕа күн ахсын хороонуттан тахсар баар үһү.
-
Сыһыыга сыалаах кырбас сытар үһү.
-
Сыһыы кыыһа сыгынах дьиэлээх үһү.
-
Түүнү быһа түбүгүрэн тахсар түөкүн ыт баар үһү.
-
Тиит тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү.
-
Күн кыыһа күөмэйигэр көмүс бэчээттээх үһү.
-
Хара тыаҕа Мэргэнэ хара баар үһү.
-
Куоска бииһин ууһабын диир баар үһү.
-
Хоту дойду күндү үрүҥ көмүһэ, ол тугуй?
-
Оҕолоор, биһиэхэ остуоруйалар геройдара кэлбиттэр. Кинилэр мээнэ кэлбэтэхтэр. Сорудахтаах эбиттэр. Суруктарын ааҕыаҕыҥ эрэ. (өс хоһоонноро)
-
Биһиэхэ бүгүн Азбукабыт тиийэн кэллэ. (Виталий)
Дорооболоруҥ оҕолоор!
Мин Азбукабын!
Миигинэн үөрэммиттэрэ
Кырдьаҕастар, эдэрдэр,
Генийдэр, ученайдар,
Медиктэр. Учууталлар,
Суоппардар, трактористар.
Ким элбэҕи билиэн баҕарар,
Ким хайалар, өрүстэр,
Сулустар уонна муоралар
Тустарынан кинигэлэри
Ааҕыан баҕарар-
Азбуката суох сатаммат.
Таптаан миигин аахтыгыт,
Таабырыммын таайдыгыт.
Аны араас кинигэни
Ааҕа сылдьыҥ эһиги.
Умсугуйан үөрэниҥ,
Оскуоланы бүтэриҥ.
Ол эрээри бука бары
Умнаайаҕыт Азбуканы.
</ -Мин хоһооннорбун төһө чуордук ааҕаргытын истиэхпин баҕардым. Оҕолор экрантан хоһооннору ааҕаллар.
-
Первайдар бары:
Азбука, баһыыба!
Баһыыба бары үчүгэйгэр,
Кэрэ кэпсээҥҥэр, сэһэҥҥэр,
Үгүс хоһооҥҥор, ойуугар.
-
Биһиэхэ бүгүн оҕолорун эҕэрдэлии төрөппүттэр кэллилэр. Тыл барар төрөппүттэргэ.
-
Дьэ, онон, оҕолоор, биһиги буукубаарбытын бутэрдибит. Ааҕар, суруйар буоллубут. Аны атын араас кинигэни ааҕыахпыт. Ким элбэҕи ааҕар, ол элбэҕи билэр. Элбэх билиилээх, үчүгэй үөрэхтээх, туһа дьоно буола улаатаргытыгар баҕарабын. Манан биһиги бырааһынньыкпыт түмүктэнэр.