- Учителю
- Рабочая программа родной язык саха 2 класс
Рабочая программа родной язык саха 2 класс
САХА ТЫЛЫН 1-4 КЫЛААСКА ҮϴРЭТИИНИ CYPYHHYYPБЫРАГЫРААМА
БЫhААРЫЫ СУРУК
Үɵрэх предметин ɵйдɵбүлэ
Тɵрɵɵбүт тыл - кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэhилиэстибэтэ, киhи аймах ытык ɵйдɵбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Тɵрɵɵбүт тыл - oҕoҕo тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-кɵрɵр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруhар, иэйиитэ уhуктар, ɵйɵ-санаата сайдар, ɵбүгэтин үɵрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иhин оҕону кыра сааhыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылынан иитии-үɵрэтии сүрүн ирдэбил быhыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үɵрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити ɵйдɵбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быhыытынан кɵмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чел туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын тɵрɵɵбүт тыл быhыытынан үɵрэтии 1922 сыллаахтан тиhигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үɵрэхтээhин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быhыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үɵрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сɵп тубэhиннэриллэн, үɵрэтии таhыма, хайысхата, ис xоhооно сайдан иhэр.
Билигин тɵрɵɵбүт тыл, федеральнай государственнай үɵрэх стандартын (ФГ0С) ирдэбилинэн, уопсай үɵрэхтээhин булгуччулаах чааhыгар киирэн, базиснай үɵрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үɵрэтиллэр чааhа чопчу ыйыллан үɵрэтиллэр таhыма урдээтэ. Алын cүhүɵx оскуола таhымыгар тɵрɵɵбүт тылы үɵрэх предметин быhыытынан үɵрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үɵрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быhыытынан, начаалынай үɵрэхтээhин таhымыгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтиигэ тэҥ таhымнаах түмүк ирдэнэр. Тɵрɵɵбүт тыл атын үɵрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быhыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку ɵттүгэр ирдэммэт caҥа булгуччулаах ирдэбили - үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Yɵpaxпредметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии предметэ атын үɵрэх предмэттэрин ортотугар үɵрэнээччи тылын ɵhүн уонна ɵйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үɵрэнэр үɵрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-кɵс балаhыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үɵрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар начаалынай уерэхтээhин уопсай туруга, үɵрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиhиилээхтик уерэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үɵрэнэр сааhыгар билиитэ-кɵрүүтэ, тыла-ɵhɵ уонна ɵйɵ - санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, тɵрɵɵбүт тылы бу кэмҥэ кичэйэн үɵрэтии - норуот тыла чɵл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэhилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы уопсай үɵрэхтээhин алын cүhүɵx таhымыгар үɵрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сɵп:
1) үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл туhунан билиини аан дойду туhунан научнай билии быстыспат сорҕотун быhыытынан иҥэрии, тыл үɵрэҕин сүрүн балаhыанньаларын билиhиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-кɵрɵр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы.
-
Үɵрэнээччи дьону-сэргэни кытта тɵрɵɵбүт тылынан бодоруhар үɵруйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киhи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туhунан ейдебулгэ тирэҕирэн, caҥa(тыл) араас кɵрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, аа^ыы, вйтвн айыы, о.д.а.) үɵрэтэн, салгыы сайыннарыы;
-
Үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл норуот ытык ɵйдɵбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быhыытынан ураты харыстабыллаах сыhыаны иҥэрии, хас биирдии киhи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин ɵйдɵтүү.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быhаардахха ситиhиллэр:
-
дьону-сэргэни кытта бодоруhар сана (тыл) сүрүн кɵрүҥнэрин үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыhыннаран үɵрэтии;
-
тыл (саца) - бодоруhуу сүрүн ньымата диэн тутаах ɵйдɵбүлгэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үɵрүйэҕин сааhыгар сɵп түбэhиннэрэн сайыннарыы;
-
тыл үɵрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын тɵрүт ɵйдɵбүллэригэр олоҕуран, үɵрэнээччи тɵрɵɵбүт тылын литературнай нуорматын тутуhарын, алҕаhа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиhии;
-
тыл үɵрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туhунан уопсай ɵйдɵбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааhыгар сеп тубэhиннэрэн, ɵй үлэтин дьайыыларыгар үɵрэтии;
-
тɵрɵɵбүт тылы билии, харыстааhын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үɵрэтии.
Тереебут тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии үɵрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үɵрэҕин үгүс уопсай балаhыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үɵрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал уерэх чааhыноҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үɵскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын уерэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үɵскэтии - тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии хос сыала-соруга.
Үɵрэх былааныгар үɵрэх предметен миэстэтэ
Саха тылын үɵрэтии чааhа начаалынай үɵрэхтээhини сүрүннүүр уопсай үɵрэхтээhин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр тɵрɵɵбүт тылынан үɵрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үɵрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быhаарыллар. Үɵрэх тэрилтэтэ бэйэтин уерэҕин бырагырааматын, былаанын оҥгосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуhара ирдэнэр. Онно эбии үɵрэх былаанын талар чааhыттан бэйэтэ кɵрɵн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын пред мети эбии үɵрэтэрэ кɵҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үɵрэх былааныгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах тɵрɵɵбүт тыл үрдүк таhымьгар үɵрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ кɵстɵр. Ону сэргэ тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии нуучча тылын үɵрэтиигэ тирэх буоларын ситиhэр туhуттан үɵрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаhыанньа үɵскүүр.
Ытык ɵйдɵбүллэри үɵрэх предметин ис xohooҥyгap киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үɵрэтии oҕoҕo ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриигэ улахан суолталаах. Киhи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ ɵрɵ тутан илдьэ кэлбит ытык ɵйдɵбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) тɵрɵɵбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сɵҥɵллɵр. Ол курдук үɵрэтии ис хоhоонугар тыл үɵрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруhуу) тиэмэтин, үɵрэтии матырыйаалын быhыытынан тɵрɵɵбүт дойду, ийэ дойду, тɵрɵɵбүт тыл, айылҕа, үлэ, тɵрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, кɵҥүл, кырдьык, үтүɵ санаа, киhи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык ɵйдɵбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ
(личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үɵрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ тɵрɵɵбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эпииэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туhанарыгар эрэниэххэ сɵп.
Тɵрɵɵбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын ɵйдүүр. Тɵрɵɵбүт тыл тɵрүт айылгыта, үйэлээх үгэhэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымнъытыгар уонна уус-уран литератураҕа сɵҥмүтүн билэр. Тɵрɵɵбүт тылын сайыннарар, кэлэр кɵлүɵнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чɵл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын ɵйдүүр.Тɵрɵɵбүт тыл иитиллэр, үɵрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.Тɵрɵɵбүт тыл элбэх омук алтыhан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киhиттэн харыстабыллаахсыhыаны эрэйэрин ɵйдүүр.
Үɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаЬанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр.Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үɵрэтиэхтээҕин арааран ɵйдүүр.
«Тылын сайыннарар баҕаны үɵскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Тɵрɵɵбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүhүн, кыаҕын толору туhанарга, тылын-ɵhүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын ɵрүү кэтэнэр, кɵрүнэр, алҕаhа суох caҥapapгa, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыhаллар.
Билэр-кɵрɵр сатабыл. Сүрүн үɵрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруору у. Тɵрɵɵбүт тылын үɵрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кɵдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-кврццнц кэҥэтэр араас матырыйаалы туhаныы. Сахалыы үɵрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туhааннаах информацияны, билиини дɵбɵҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туhанар. Сахалыы тахсар оҕoҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаhыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиhгин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-кɵрɵр, үɵрэтэр, чинчийэр, айар улэтигэр кɵдьүүстээхтик туhанар.
Тобулук ɵйү сайыннарар үɵрүйэхтэр. Тɵрɵɵбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үɵрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үɵрэнээччи саха тылын үɵрэтэр кэмигэр үɵрэнэргэ тɵрүт буолар ɵй үлэтин сүрүн үɵрүйэхтэрин баhылыыр.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиhэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тɵhе сɵпкɵ талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иhэрин кэтээн кɵрɵр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэhин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туhанар үɵрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туhанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэдирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиhи айар.Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан кɵрдɵрүллүбүт билиини ɵйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруhар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үɵрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыhан үɵрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баhылыыр (пааранан, бɵлɵҕүнэн, хамаанданан, о.д.а).Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыЬыы туругар кэбэдэстик киирэр (продуктивное взаимодействие
Кэпсэтэр үɵрүйэх. Кэпсэтии уратыларын ɵйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кɵҕүлүүр сатабылы табан туhанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кɵрбүтүн, истибитин, аахпытын сиhилии сэhэргиир.
Сахалыы дорооболоhор, билсиhэр, быраhаайдаhар, кɵрдɵhɵр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. угэстэри инэриммит, куннээҕи олоҕор ɵрүү туттар.
Тустаах үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
(предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуhаp.Дорҕоону, буукубаны, тыл сүhүɵҕүн, саҥа чааhын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быhаарар, наардыыр.Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын mymyhap. Тиэкис ɵйдɵбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэҕэ, сүрүн санааҕа, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).Саныыр санаатын сааhылаан, дъоҥҥо ɵйдɵммүтүɵтцк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун mymyhan суруйары сатыыр.Тиэкис тииптэрин сэкэргээНин, ойуулааЪын, тойоннооЪун диэн араарар.Монолог (сэкэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа цллэстии, ыйыталакыы, о.д.а.) арааЬын сатаан myhanap.Бэйэ сацатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиЬин ис хоЪоонун, тылын-вНцн сыаналанар, ал^астарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үɵрэх предметен ис хоhооно
Начаалынай оскуолада тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии уопсай үɵрэхтээhин систиэмэтигэр саха тылын үɵрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үɵрэх уобалаhыгар тɵрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үɵрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоhооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга тɵрɵɵбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үɵрэтиини кытта алтыhыннаран-ситимнээн торумнанар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруhарга үɵрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үɵрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үɵрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үɵрэнэбит» саҥа аатынан уерэтиллэр. Бу кэмнэ уерэх былааныгар тереебут тыл уонна литературнай аадыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Аадарга уонна суруйарга уерэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ тереебут тыл уонна литературнай аадыы предметтэрэ тус- туспа уерэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тыл предметин сүрүн ис хоhоонун тиhиктээхтик үɵрэтии саҕаланар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии ис хоhоонун сүрүн хайысхалара үɵрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиhэргэ аналлаах тутаах научнай балаhыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии ис хоhоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
-
Бoдopyhyy култуурата.
-
Саҥа кɵрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
-
Тыл үɵрэҕин тутаах салааларын туhунан уопсай ейдебүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
-
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
-
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис тукунан сцрцн вйдвбцл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоhоонноро начаалынай оскуола үɵрэнээччитин caahынуратытын, ейун-санаатын кыаҕын, билэр-кɵрɵр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруhуу култуурата
Дьону кытта бодоруhуу араас кɵрүҥэ: кэпсэтии, сэhэргэhии, сүбэлэhии, cɵncɵhүү. Тылы бодоруhуу сүрүн ньыматын быhыытынан арыйыы: бодоруhууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуhуу.
СОГЛАСОВАНО
Заместитель директора по УВР
___________________ Ноговицына Н.И.
«___»_________________2015 года
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Кюереляхская средняя общеобразовательная школа
имени Степана Гурьевича. Коврова»
КАЛЕНДАРНО-ТЕМАТИЧЕСКОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ
по языку саха
Уровень образования: 2 класс
Количество часов: 102
Учитель: Потапова Раиса Сидоровна
Программа разработана на основе УМК : по программе Министерства образования РС(Я)
Учебник для общеобразовательных учреждений. - «Саха тыла» Захарова Л.В. Тимофеева В.А. 2 класс. 2009с.
Саха тылыгар тематическай былаан.
№
Содержание (разделы, темы)
Кол.часов
Дата
проведения
Оборудование
Основные виды учебной деятельности (УУД)
план
факт
план
факт
1
1 чиэппэр.
Барбыты хатылааһын.
Ситимнээх тылы сайыннарыы
3ч
1
02.09.
03.09.
хартыына
Эрчиллии. Фишканан дорҕоону ырытыыга эрчиллии. Схеманан тыллары толкуйдуур
.Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии.
Суруйуу. Хартыынана диктант суруйуу.
2
Ситимнээх тылы сайыннарыы
1
хартыына
3
Суругунан үлэ. Диктант.
1
07.09.
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
4
Аhаҕас дорҕооннор уонна буукубалар
Аhаҕас дорҕооннор уонна буукубалар
8ч
1
9.09.
10.09.
14.09.
16.09.
17.09.
таблица
Быhаарыы. Дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар.
Истии. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын истэр.
Саҥарыы. Сахалыы тɵрүт дорҕооннору чуолкайдык таба саҥарар.
Таба суруйуу. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын таба суруйар. Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр.
Тэҥнээhин. Аhаҕас дорҕоон арааhын тэҥнээн уратыларын быhаарар.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Аhаҕас дорҕооннору наардыыр бɵлɵхтүүр.
5
Аhаҕас дорҕооннор араастара.
1
фишкалар
6
Аhаҕас дорҕооннор араастара.
1
Дидакт.матыр.
7
Аhаҕас дорҕооннор араастара.
1
8
Аhаҕас дорҕооннор араастара.
9
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу..
Тииҥ
1
21.09.
Д.м
Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии.
Кэпсээhин.Текс ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор.
10
Аhаҕас дорҕооннор араастара.
1
23.09.
24.09.
фишкалар
Быhаарыы. Дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар.
Истии. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын истэр.
Саҥарыы. Сахалыы тɵрүт дорҕооннору чуолкайдык таба саҥарар.
Таба суруйуу. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын таба суруйар.
11
Аhаҕас дорҕооннор. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
12
Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар
Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар
10ч
1
28.09.
30.09.
фишкалар
Быhаарыы. Бүтэй дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар.
Истии. Тылга хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору истэр.
Саҥарыы. Тыл хас да сүhүɵҕэр хоhулаhыылаах тыллары таба саҥарыыга болҕойор.
Таба суруйуу. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору таба суруйар.
Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр.
Тэҥнээhин. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннорутэҥнээн уратыларын быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Бүтэй дорҕооннору наардыыр бɵлɵхтүүр.
13
Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар
таблица
14
Суругунан үлэ. Диктант.
1
01.10.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
15
Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор
1
05.10.
07.10.
08.10.
12.10.
таблица
Быhаарыы. Бүтэй дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар.
Истии. Тылга хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору истэр.
Саҥарыы. Тыл хас да сүhүɵҕэр хоhулаhыылаах тыллары таба саҥарыыга болҕойор.
Таба суруйуу. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору таба суруйар.
Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр.
Тэҥнээhин. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннорутэҥнээн уратыларын быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Бүтэй дорҕооннору наардыыр бɵлɵхтүүр.
16
Хоhуласпыт бүтэй дорҕооннор
1
фишкалар
17
Дорҕоону буукубанан солбуйуу
1
Дидакт.матыр.
18
Паараласпыт бүтэй дорҕооннор
1
19
Ситимнээх тылы сайыннарыы
1
14.10.
Таблица
Фишкалар
хартыына
Эрчиллии. Фишканан дорҕоону ырытыыга эрчиллии. Схеманан тыллары толкуйдуур. Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии.
Суруйуу. Истэн диктант суруйуу. Таайыы. Тайбараҥы таайарга эрчиллэр.
20
Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
1
15.10.
тесты.
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
21
Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ.
1
19.10.
Дидакт.матыр.
Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар.
Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ.
22
Сүһүөх.Cүhүɵх арааhа.
Cүhүɵх.
4ч
1
21.10.
22.10.
таблица
Быhаарыы. Сүhүɵх арааhын быhаарар. Араарыы. Тылы сɵпкɵ сүhүɵххэ араарарга эрчиллэр.
Таба суруйуу. Сүhүɵҕү таба суруйар. Тэҥнээhин. Тыл сүhүɵхтэрин тэҥнээн уратыларын быhаарар.
23
Cүhүɵх арааhа.
1
фишкалар
24
Хонтуруолунай диктант
1
26.10.
Дидакт.матыр.
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор.
25
Тылы кɵhɵрүү
1
28.10.
29.10.
таблица
Үɵрэтии. Тылы сɵпкɵ кɵhɵрɵргɵ үɵрэнэр
.Араарыы. Тылы сɵпкɵ сүhүɵххэ араарарга эрчиллэр.
Таба суруйуу. Сүhүɵҕү таба суруйар. Тылы сɵпкɵ кɵhɵрɵргɵ эрчиллэр.
Тэҥнээhин. Тыл сүhүɵхтэрин тэҥнээн уратыларын быhаарар.
26
Араастык этиллэр тыллар.
Араастык этиллэр тыллар.
2ч
1
фишкалар
27
2 чиэппэр.
Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
09.11.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Бүтэй дорҕооннору уонна буукубалары хатылааhын.
Суруйуу. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору таба суруйар. Эрчиллиилэри бэйэтэ толорор.
28
Нууччалыыттан киирбит тыллар.
Нууччалыыттан киирбит тыллар.
11ч
1
11.11.
12.11.
картины
Быhаарыы. Нууччалыыттан киирбит дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар. Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тылдорҕооннорун истэр. Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар. Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.
29
Нууччалыы суруллар тыллар.
1
Дидакт.матыр
30
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
16.11.
-
Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин.Текс ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор.
31
Нууччалыы суруллар тыллар.
1
18.11.
19.11.
23.11.
Быhаарыы. Нууччалыыттан киирбит паараласпыт дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр.Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл паараласпытдорҕооннорун истэр. Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар. Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
32
Нууччалыыттан киирбит паараласпыт бүтэй дорҕооннор.
1
таблица
33
Нууччалыыттан киирбит паараласпыт бүтэй дорҕооннор. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
34
Нууччалыы суруллар тылларга ч - щ буукубалар.
1
25.11.
26.11.
таблица
Быhаарыы. Нууччалыы суруллар тылларга ч-щ дорҕооннору таба саҥара үɵрэнэр
Саҥарыы. ч - щ буукубалаах тыллары таба саҥара үɵрэнэр. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар.
Таба суруйуу Нууччалыы суруллар тылларга ч - щ буукубалары суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
35
Нууччалыы суруллар тылларга ж, ш, ц буукубалар.
1
36
Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
1
30.11.
тесты
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар.
Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
37
Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ.
1
07.12.
-
Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ.
38
Нууччалыыттан киирбит паараласпыт бүтэй дорҕооннор. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
09.12.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Нууччалыыттан киирбит паараласпыт дорҕоону хатылааhын.
Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл паараласпытдорҕооннорун истэр.
Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар.
Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
39
Тыл.
Тыл.
12ч
1
10.12.
14.12.
Быhаарыы. Сахалыы тыл састаабын, саҥа чаастарын туhунан бэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
40
Ким? Туох? диэн ыйытыыга эппиэттир тыллар. Предмет аата.
1
таблица
41
Суругунан үлэ. Диктант.
1
16.12.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
42
Тыллары наардааhын.
1
17.12.
21.12
картины
Дидакт.матыр
Быhаарыы. Сахалыы тыл састаабын, ыйытыылар кɵмɵлɵрүнэн бэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
43
Тыл олоҕо уонна сыhыарыыта.
1
44
Суругунан үлэ. Ыраастык устуу.
1
23.12.
-
Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
45
Анал аат.
1
24.12.
11.01
карточки
Быhаарыы. Анал уонна уопсай ааттары быhаарыы. Сурукка анал ааттар улахан буукубаттан суруллалларын ɵйдɵтүү.
Суруйуу.Анал уонна уопсай ааттары таба суруйуу.
Эрчиллии. Анал ааттарынан этии оҥорорго эрчиллии.
46
3 чиэппэр
Уопсай уонна анал аатттар
1
47
Хонтуруолунай диктант.
1
13.01.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор.
48
Предмет аата. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
14.01.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Предмет аата диэн теманы хатылыыр.
Суруйуу. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
49
Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
.1
18.01
тесты
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар.
Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
50
Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ.
1
20.01.
-
Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар.
Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ.
51
Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тыллар
Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тыллар
8ч
1
21.01.
25.01.
27.01.
Быhаарыы. Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тылларыбэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
52
Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тыллар
1
тесты
53
Предмет аата уонна бэлиэтэ. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр
1
Дидакт.матыр.
54
Предмет аата уонна бэлиэтэ. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
28.01.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Предмет аата диэн теманы хатылыыр.
Суруйуу. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
55
Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тыллар.
1
1.02.
3.02.
тесты
Быhаарыы. Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тылларыбэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
56
Предмет бэлиэтин кɵрдɵрɵр тыллар
1
Дидакт.матыр.
57
Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
1
4.02.
тесты
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар.
Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
58
Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ.
1
8.02.
тесты-
Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар.
Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ.
59
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар.
10ч
1
10.02.
11.02.
Быhаарыы. Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тылларыбэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
60
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар
1
61
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
15.02.
карточки
Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии.
Кэпсээhин.Текс ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор.
62
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар уларыйыылара.
1
17.02.
18.02.
22.02.
24.02.
карточки
Быhаарыы. Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар уларыыйыыларынбэйэтин тылынан быhаарар.
Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр.
Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр.
Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
63
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар уларыйыылара.
1
-
64
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
65
Предмет тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллар.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
66
Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
1
25.02.
тесты
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар.
Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
67
Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ.
1
29.02.
-
Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар.
Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ.
68
Суругунан үлэ. Диктант.
1
2.03.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
69
Этии
Этии.
7ч
1
3.03.
Дидакт.матыр.
Быhаарыы. Этии ɵйдɵбүлүн, этии тутах
70
Этии тутаах чилиэннэрэ.
1
7.03.
09.03.
10.03.
14.03.
Дидакт.матыр.
чилиэннэрин, этии арааhын арааран бэйэтин
тылынан быhаарар.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар.
Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар.
Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр.
71
Этии. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
72
Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
73
Этии арааhа.
1
74
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
16.03.
-
Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии.
Кэпсээhин.Текс ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор.
75
Этии арааhа.
1
17.03.
карточки
Ырытыы. Этии туох уратылааҕын ырытар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Этиини арааhынан кɵрɵн бɵлɵххɵ араарар.
Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар.
76
4 чиэппэр
Тиэкис
Тиэкис
2ч
1
30.03.
тиэкистэр
Истии. Текиhи тыл бɵлɵхтɵрүттэн арааран истии.
Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан бэйэтин текиhин оҥорорго холонор.
Таба суруйуу. Толкуйдаабыт текиhин сыыhата суох суруйарга кыhаллар.
77
Айар уруок. ϴйтɵн суруйуу.
1
31.03.
-
Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы.
78
Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
Этии
25ч
1
4.04.
6.04.
7.04.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Этии диэн теманы хатылыыр. Суруйуу. Эрчиллиилэри толоруу.
Самостоятельно үлэлииргэ кыhаллыы.
Истии. Учуутал быhаарарын болҕойон истии.
79
Этии арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
80
Этии арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
81
Хонтуруолунай диктант.
1
11.04.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор.
82
Тиэкис. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
13.04.
14.04.
18.04.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Текис диэн теманы хатылыыр. Суруйуу. Эрчиллиилэри толоруу. Самостоятельно үлэлииргэ кыhаллыы.
Истии. Учуутал быhаарарын болҕойон истии.
83
Тиэкис. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
84
Тиэкис. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
85
Тиэкис.
1
20.04.
21.04.
тиэкистэр
Хатылааhын. Текис диэн теманы хатылыыр. Суруйуу. Эрчиллиилэри толоруу. Самостоятельно үлэлииргэ кыhаллыы.
Истии. Учуутал быhаарарын болҕойон истии.
86
Тиэкис. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
87
Суругунан үлэ. Диктант.
1
25.04.
-
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
88
Аhаҕас дорҕоон арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
27.04.
28.04.
2.05.
Хатылааhын. Дорҕоону таба саҥарыыны, сүhүɵххэ араарыыны.
Саҥарыы. Сахалыы тɵрүт дорҕооннору чуолкайдык таба саҥарар.
Таба суруйуу. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын таба суруйар. Тылы сɵпкɵ сүhүɵххэ араарыы.
89
Дифтонг. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
90
Сүhүɵх арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
91
Суругунан үлэ Аахпыттан суруйуу.
1
4.05.
-
Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии.
Кэпсээhин.Текс ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор.
92
Сүhүɵх арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
5.05.
11.05.
Дидакт.матыр.
Хатылааhын. Дорҕоону таба саҥарыыны, сүhүɵххэ араарыыны.
Саҥарыы. Сахалыы тɵрүт дорҕооннору чуолкайдык таба саҥарар.
Таба суруйуу. Тылы сɵпкɵ сүhүɵххэ араарыы.
93
Сүhүɵх арааhа. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
Дидакт.матыр.
94
Суругунан үлэ. ϴйтɵн суруйуу.
1
12.05.
-
Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы.
95
Нууччалыы суруллар тыллар.
1
16.05.
18.05.
карточки
Хатылааhын. Нууччалыыттан киирбит паараласпыт дорҕоону хатылааhын.
Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл паараласпытдорҕооннорун истэр.
Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар.
Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
96
Нууччалыы суруллар тыллар.
1
97
Предмет аата. Предмет бэлиэтэ. Предмет тугу гынара.
1
19.05.
тесты-
Хатылааhын. Предмет аата. Предмет бэлиэтэ. Предмет тугу гынара темалары хатылааhын. Истии.Учуутал тылын болҕойон истии.
Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
98
Хонтуруолунай диктант
1
23.05.
Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр.
Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр.
Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор.
99
Этии кɵрүҥнэрэ. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
25.05.
тесты
Хатылааhын. Этии кɵрүҥнэринтеманы хатылааhын.
Истии.Учуутал тылын болҕойон истии.
Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр.Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
100
Сыл түмүгэр бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест.
1
26.05.
тесты
Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар.
Истии. Учуутал быhаарыытын истэр.
Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар.
Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр.
101
Этии чилиэннэрэ.
1
28.05.
30.05.
Хатылааhын. Этии чилиэннэрэтеманы хатылааhын. Истии.Учуутал тылын болҕойон истии.
Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор.
102
Этии чилиэннэрэ. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэр.
1
тесты
СОГЛАСОВАНО
Протокол заседания методического
объединения начальных классов
МБОУ «Кюереляхская СОШ им. С.Г.Коврова»
от «___»___________________2015 года
________________________/ /
СОГЛАСОВАНО
Заместитель директора по УВР
____________________Ноговицына Н.И.
«___»_____________________2015 года